1 Биһиги күүстээхтэр бэйэбитин эрэ харана сатаабакка, мөлтөхтөргө сүгэһэрдэрин чэпчэтиһиэх тустаахпыт. 2 Хас биирдиибит чугастааҕытын итэҕэлин күүһүрдэр туһугар, киниэхэ үчүгэй буолаарай диэн, кинини үтүөҕэ үөрэтэргэ кыһаныахтаах. 3 «Эйигин үөҕээччилэр үөҕэр тыллара Миэхэ түстэ» диэн суруллубутун курдук, Христос эмиэ Бэйэтин туһун көрүммэтэҕэ.
Эрэл (материалы на якутском языке)
№ 1 Октябрь 2014 (33). Любить себя любимогоТаҥара доҕотторугар
Матфейтан сибэтиэй евангелие 23 түһ. …15Сор-муҥ эһигини күүтэр, соку-онньуттар уонна фарисейдар! Сирэй көрбөхтөр! Эһиги саатар биир эмэ киһини итэҕэлгэ тардыахпыт этэ диэн сири сиксигинэн, муораны улаҕатынан сылдьаҕыт, уонна ол соруккутун си-тистэххитинэ, кинини бэйэҕитинээҕэр икки төгүл гееннаҕа сөптөөх киһи гына уһуйан таһаараҕыт. 16Сор-муҥ эһигини күүтэр, хараҕа суох сирдьиттэр! Эһиги ким Таҥара Дьиэтинэн андаҕайбыт — ол андаҕара…Читать далее…
Ким итэҕэйэн сүрэхтэммит, ол быыһаныа
1Субуота ааспытыгар Мария Магдалина, Иаков ийэтэ Мария уонна Саломия буоланнар, Иисуһу оҕунуохтуу бараары, үчүгэй сыттаах мас арыытын атыыласпыттара. 2 Нэдиэлэ бастакы күнүгэр сарсыарда бэрт эрдэ, күн саҥа тахсыыта, хаспахха баран иһэн З бэйэлэрин икки ардыларыгар: «Ким биһиэхэ хаспах аан тааһын сыҕарытан биэриэй?» – диэн кэпсэппиттэрэ. 4 Арай көрбүттэрэ, таастара сыҕарытыллыбыт буолан биэрбитэ; ол сүүнэ улахан таас этэ.
Талаан туһунан домох
13 Онон өрүү сэргэх сылдьыҥ: эһиги Киһи Уола төннөн кэлэр күнүн да, чааһын да билбэккит.
14 Өссө маннык домоҕу истиҥ: биир киһи ыраах дойдуга аттанаары туран кулуттарын ыҥыран ылан, баайын-дуолун барытын кинилэргэ туттарбыт. 15 Биир-дэстэригэр кини биэс талаан харчыны, атыныгар икки талаан, үһүстэригэр биир талаан харчыны – ким төһө кыахтааҕынан көрөн биэрбит, уонна барыахтаах сиригэр баран хаалбыт.
Если это в вас есть, вы не останетесь без успеха!
1 Таҥарабыт уонна Быыһааччыбыт, кырдьыгы тутуһар Иисус Христос, эмиэ биһиэхэ биэрбитин курдук, күндүттэн күндү итэҕэли биэрбит дьонугар – Иисус Христос кулута уонна Апостола Симон Петртан. 2 Таҥараны уонна Христос Иисус Айыы Тойоммутун билэн истэххит аайы, эһиэхэ бары илгэлээх үтүөнү кытта эйэ-ил үүнэ-үксүү туруохтун!