Сибэтиэй Иаков апостол илдьит суруга 3 <…> Ким аньыыны саҥарбат – ол бүтүн бэйэтин үүннүүр-тэһиинниир сиппит-хоппут киһи. 3Холобур, биһиги аты айааһаары айаҕар үүн кэтэртэхпитинэ, бүтүн бэйэтин салайар кыахтанабыт. 4Эбэтэр хараабылы ылан көруҥ: хайдахтаах курдук улаханый, хайдахтаах күүстээх тыал кинини хамсатарый! Ол эрээри итинник сүүнэ хараабыл биир кыракый уруулга салайтаран, куормаһыт ханна баҕарбытын хоту устар. 5Киһи…Читать далее…
Эрэл (материалы на якутском языке)
№ 1 Апрель 2010 (25). Язык мой – друг мойӨйдөммөт тылларынан саҥарымаҥ!
1Туохтан да ордук тапталга талаһыҥ; ол эрээри Тыын атын бэлэхтэригэр эмиэ, ордук пророк дьоҕуругар, дьулуһуҥ. 2Ким биллибэт тылынан саҥарар, ол дьоҥҥо буолбакка, Таҥараҕа туһулаан саҥарар, тоҕо диэтэххэ кини тугу саҥарарын ким да өйдөөбөт, кини Тыын күүһүн туһанан кистэлэҥи этэр. 3Оттон Таҥара этиитин дьоҥҥо тиэрдэр пророк дьону бөҕөргөтөн, өйдөтөн-сүбэлээн, уоскутан саҥарар.
Христос ыарыһахтары үтүөрдэр
Лукаттан Сибэтиэй Евангелие 17 Биирдэ Иисус үөрэтэр кэмигэр Галилея, Иудея бары дэриэбинэлэриттэн, Иерусалимтан кэлбит фарисейдар уонна сокуонньуттар Кинини истэ олорбуттара; Иисус ыарыһахтары Айыы Тойон күүһүнэн үтүөртээбитэ. 18 Арай, ол кэмҥэ хас да киһи кыаммат буолбут босхоҥу тэллэхтэри көтөҕөн аҕалбыттара; кинини иһирдьэ киллэрэн Иисус иннигэр сытыараары холонон көрбүттэрэ да, 19 киһи элбэҕэ бэрт буолан, ханан да…Читать далее…
Эр киһи ойоҕунаан – биир эт-хаан
Матфейтан Сибэтиэй Евангелие 19-с түһ. 1 Иисус маны кэпсээн баран, Галилеяттан тахсан Иордан уҥуор Иудея сиригэр барбыта; 2 онно көй үгүс киһи батыһан барбытын барыларын үтүөрдүбүтэ. 3 Фарисейдар кэлэннэр, Кинини үтэн-анньан көрөн ыйыппыттара: «Киһи ойоҕуттан ханнык баҕарар сылтаҕынан арахсарын Сокуон көҥүллүүр дуо?» 4 Иисус хоруйдаабыта: «Айыы Таҥара маҥнай дьону айарыгар, эр киһини уонна дьахтары айбыта…Читать далее…
«Умнаһыттар эһигини кытары куруук бииргэ буолуохтара»
Матфейтан Сибэтиэй Евангелие 26 6 Иисус Вифанияҕа кэлэн, араҥ буола сылдьыбыт Симон дьиэтигэр олордоҕуна, 7 биир дьахтар, алебастр иһиккэ үчүгэй сыттаах күндү арыыны аҕалан, Кини төбөтүгэр куппута. 8 Үөрэнээччилэрэ маны көрөн абаран: «Тоҕо ити күндү арыыны барыырый? – дэспиттэрэ. – 9 Бу арыыны үрдүк сыанаҕа атыылаан баран, харчытын дьадаҥыларга түҥэтиэххэ сөп этэ буолбат дуо?» 10…Читать далее…