1 Бу кэмҥэ Киниэхэ үөрэнээччилэрэ кэлэн ыйыппыттара: «Халлаан Саарыстыбатыгар саамай улаханнара кимий?» 2 Иисус кыра оҕону ыҥыран ылан, кинилэр иннилэригэр туруорбута: 3 «Кырдьыгы эһиэхэ этэбин, эһиги уларыйан оҕо курдук буолбатаххытына, Халлаан Саарыстыбатыгар киириэххит суоҕа. 4 Ким кыратыйан бу оҕо курдук буолбут, ол Халлаан Саарыстыбатыгар барыларыттан улаханнара буоляоҕа…
Эрэл (материалы на якутском языке)
№ 4 Июнь 2004 (8). «Будьте как дети!» А как это?Лукаттан Сибэтиэй Евангелие. Притча о богаче и Лазаре
19 Биир баай киһи баара, көрүөхтэн кэрэ, күндү таҥаһы таҥнара; кини олоҕо күнтэн күн бүппэт бырааһынньык этэ. 20 Баай олбуорун ааныгар этэ бүтүннүү бар баас буолбут Лазарь диэн умнаһыт киһи сытара. 21 Кини баай киһи остуолуттан түһэр килиэп хоруоскатыгар баҕара саныыра; ыттар кэлэн кини сиикэй баастарын салыыллара. 22 Умнаһыт өлбүтүгэр Аанньаллар кинини Авраам күөнүгэр илдьибиттэр. Баай киһи өлбүтун эмиэ харайбыттар…
Темы: Аад, Авраам, Аньыы, Апостол Лука, Вера, Евангелие, Моисей, Притча, Пророктар, Семья, Сомнение, Үтүгэн түгэҕэ, Өлүү.
Лукаттан Сибэтиэй Евангелие. Притча о блудном сыне
11 …Биир киһи икки уоллаах эбит. 12 Биирдэ кыра уола аҕатыгар эппит: „Аҕаа, ылыахтаах нэһилиэстибэбин миэхэ биэр“. Аҕалара баайын-дуолун уолаттарыгар үллэрэн биэрбит. 13 Аҕыйах хоноот кыра уол барытын хомунан, ыраах дойдуга баран хаалбыт; кини ол дойдуга содурдук олорон, үбүн-аһын бүтүннүү матайдаан кэбиспит. 14 Үбэ бараммытын кэннэ, ол дойдуга улуу сут турбут, уол улахан кыһалҕаҕа ылларбыт…
Лукаттан Сибэтиэй Евангелие. 2-с түһ
1 Ол саҕана Август император сирин-уотун устун биэрэпис оҥорторор уурааҕа тахсыбыта. 2 Сирияны Квириний салайарын саҕана ол бастакы биэрэпис этэ. 3 Бары, биэрэпискэ хабыллаары, бэйэлэрин куораттарыгар барбыттара. 4 Иосиф эмиэ, Давидтан төрүттээх буолан, Галилея Назаретыттан Иудеяҕа баар Вифлеем диэн Давид куоратыгар 5 кэргэн ылыахтаах Мариятыныын суруйтара барбыта. Мария ыарахан этэ, 6 онон Вифлеемҥэ сылдьан, оҕолонор кэмэ кэлэн…
Марктан Сибэтиэй Евангелие. Притча о сеятеле
1 Онтон эмиэ муора кытылыгар киирэн үөрэтэн барбыта; тулатыгар көй үгүс киһи үтүрүспүтүн иһин, ууга турар оҥочоҕо киирэн олорбута; мустубут дьон барыта Кинини сиргэ, муора кытылыгар, туран истибиттэрэ. 2 Кини домоҕунан бэрт элбэҕи үөрэппитэ; бу үөрэтэригэр эппитэ: 3 „Истиҥ: бурдук ыһааччы бурдугун ыһа тахсыбыт. 4 Ыһа сырыттаҕына, ыспыт сиэмэтиттэн сорҕото суол кытыытыгар түспүт, ону көтөрдөр көтөн кэлэн, тоҥсуйан сиэн кэбиспиттэр…