1 Биһиги күүстээхтэр бэйэбитин эрэ харана сатаабакка, мөлтөхтөргө сүгэһэрдэрин чэпчэтиһиэх тустаахпыт. 2 Хас биирдиибит чугастааҕытын итэҕэлин күүһүрдэр туһугар, киниэхэ үчүгэй буолаарай диэн, кинини үтүөҕэ үөрэтэргэ кыһаныахтаах. 3 «Эйигин үөҕээччилэр үөҕэр тыллара Миэхэ түстэ» диэн суруллубутун курдук, Христос эмиэ Бэйэтин туһун көрүммэтэҕэ.
Сахалыы
Күндү ааҕааччылар, манна биһиги сахалыы тиэкистэри уонна саха тылыгар тылбаастаммыт Саҥа Кэс Тылтан быһа тардыылар, мэлииппэлэр, араас тылбаас холобурдара киирбит нууччалыы матырыйаалларын мустубут.
Эһиги эмиэ биһиэхэ төрөөбүт тылгытынан суруйуоххутун сөп. Былыргы православнай төрүттэргитин ахтан-санаан ылыҥ, Таҥараҕыт дьиэтин туһунан кэпсээҥ. Айыы Тойон Иисус Христоһу хайдах итэҕэйбиккитин суруйуҥ, тугу ыйытыаххытын баҕараргытын ыйытыҥ.
Утешающая Царица
Как вы думаете, что бы ответила Богородица на вопрос: «Любишь ли ты себя?» Думаю, она недоумённо пожала бы плечами: о чём это?
Темы: Богородица, Боҕуруодьусса, Любовь, Молитва, Сахалыы, таптал, Үҥүү.
Соломуон аман өһө
Бүгүн биһиги Библия Эргэ Кэс Тыла киһи аймаҕы дириҥ муудараска үөрэтэр биир кэрэ-бэлиэ кинигэтиттэн кылгас кэрчиги бэчээттиибит. Бу сүдү айымньы аан маҥнай сахалыы тылбаастана сылдьар. Кинигэ былыргы еврейдии тиэкиһигэр кылгастык “Мишле” (Притчи) диэн ааттаммыт, оттон нууччалыы аата, гректии тылбааһы батыһан, “Книга притчей Соломоновых” диэн. Сүрүн ааптара – Израиль улуу муударай өйдөөх Соломуон ыраахтааҕыта, ол гынан…Читать далее…
Темы: Айыы Тойон, Аман өс, Библия, Дириҥ муударас, Саалтыыр, Сахалыы, Соломуон, Эргэ Кэс Тыл.
Олоххо дьулуур
«Ийэм кэпсиир» ромаҥҥа кырачаан Аана кыыс, дьоно эрдэ өлөн хааланнар, эрэй-муҥ бөҕөтүн эҥээринэн тэлэрин, бэйэтин сааһыгар сөбө суох ыарахаттары хоодуоттук туоруурун туһунан кэпсэнэр. Маҥнай Аана оҕо сааһа олус дьоллоох, туох да кыһалҕата суох. Оҕо-оҕо курдук, күннээҕи түбүгү билбэккэ, оонньоон-көрүлээн, дьонугар маанылатан, ийэ, эбэ-эһэ, таай тапталыгар улаатар.
Темы: Бырастыы гыныы, Культура, Көнө олох, Литература, Сахалыы, Тургутуу.
“Ийэм кэпсиир”
Саха талааннаах суруйааччыта, поэт, прозаик Семен Семенович Маисов Бүлүү улууһугар Үгүлээт нэһилиэгэр олорор. Кини “Ийэм кэпсиир” диэн түөрт чаастаах романа эдэр суруйааччылар республикатааҕы сүбэ мунньахтарын мэктиэлээһининэн “Бичик” кинигэ кыһатыгар бэчээттэнэн тахсыбыта.