18-с түһ
1 Бу кэмҥэ Киниэхэ үөрэнээччилэрэ кэлэн ыйыппыттара: «Халлаан Саарыстыбатыгар саамай улаханнара кимий?»
2 Иисус кыра оҕону ыҥыран ылан, кинилэр иннилэригэр туруорбута: 3 «Кырдьыгы эһиэхэ этэбин, эһиги уларыйан оҕо курдук буолбатаххытына, Халлаан Саарыстыбатыгар киириэххит суоҕа. 4 Ким кыратыйан бу оҕо курдук буолбут, ол Халлаан Саарыстыбатыгар барыларыттан улаханнара буоляоҕа. 5 Ким биир маннык оҕону Мин ааппар ылынар, ол Миигин ылынар; 6 оттон ким эрэ бу Миигин итэҕэйэр кыралартан биирдэстэрин эмэ аньыыга уккуйар буоллаҕына, ол киһини, моонньугар суоруна тааһын баайан баран, муораҕа тимирдибиттэрэ киниэхэ быдан ордук буолуо этэ.
7 Дьону аньыыга киллэрэр угаайылаах бу аан дойдуну сор-муҥ күүтэр! Оннук моһоллор хайаан да баар буолуохтара, ол гынан баран сор-муҥ күүтэр оннук моһол төрдө буолбут киһини!»
19-с түһ
13 Илиитин ууран туран үҥтүн диэн, Киниэхэ оҕолору аҕалбыттарын үөрэнээччилэрэ бопсубуттара.
14 Иисус эппитэ: «Оҕолор Миэхэ кэллиннэр, кинилэри мэһэйдээмэҥ. Халлаан Саарыстыбатыгар манныктар киирэллэр эбээт». 15 Онтон оҕолору алҕаан баран, Кини ол сиртэн барбыта.
Евангелие от Матфея
Глава 18
1 В то время ученики приступили к Иисусу и сказали: кто больше в Царстве Небесном?
2 Иисус, призвав дитя, поставил его посреди них
3 и сказал: истинно говорю вам, если не обратитесь и не будете как дети, не войдете в Царство Небесное;
4 итак, кто умалится, как это дитя, тот и больше в Царстве Небесном;
5 и кто примет одно такое дитя во имя Мое, тот Меня принимает;
6 а кто соблазнит одного из малых сих, верующих в Меня, тому лучше было бы, если бы повесили ему мельничный жернов на шею и потопили его во глубине морской.
7 Горе миру от соблазнов, ибо надобно придти соблазнам; но горе тому человеку, через которого соблазн приходит. <…>
Глава 19
13 Тогда приведены были к Нему дети, чтобы Он возложил на них руки и помолился; ученики же возбраняли им.
14 Но Иисус сказал: пустите детей и не препятствуйте им приходить ко Мне, ибо таковых есть Царство Небесное.
15 И, возложив на них руки, пошел оттуда. <…>