Ким дуоһутуой мин утаппыт дууһабын?

Авторы:


Откровение, Самое главное, Сахалыы
Темы: , , , , , , , , , , , .

Киһи-аймах бу сир олоҕор үктэммит күнүттэн ыла өрүү туох эрэ саҥаны көрдүүр, олоҕун тосту уларытыан баҕарар. Сотору буолаат, сонуна ааһан, ис туруга кураанахсыйан, дууһатын хайдах уоскутуон билбэккэ, эмиэ атын тугу эрэ көрдөөбүтүнэн барар, тугу эрэ эккирэтэр суолугар үктэнэр. Дьэ бу көрдөбүл бүппэт суолугар ким эрэ үөрэҕинэн, ким эрэ үлэнэн үлүһүйэр; ким эрэ былааска тардыһар, албан аат абылаҥар ылларар; ким эрэ тус бэйэтэ туругурарын туһугар тугу да умнан туран туруулаһар; ким эрэ байар-тотор суолу батыһар; ким эрэ “миэхэ бу да сөп” диэн баран олорунан кэбиһэр; ким эрэ муна-тэнэ сылдьар.

Олох охсуутун араастык өйдүүртэн сорох бүдүрүйэр, сорох быстах санааҕа баттатан олоҕун быстар, сорох туой буруйдааҕы була сатыыр, оттон ким эрэ быыһанар суолу көрдүүр. Бу сындалҕаннаах айаҥҥа киһи тус бэйэтин, чугас дьонун, доҕотторун күүстэригэр эрэнэр, эбэтэр, ис санааны, олоҕу үөһэттэн айдарыылаах дьон көмөтүнэн уларытыахха сөп диэн ис хоһоонноох араас кинигэҕэ, дьарыкка, үөрэххэ тирэҕирэр. Кырдьык, бу түмүгэр киһи саҥаны да булар, олоҕун да уларытар, биитэр, туох эрэ дьоҕурун сайыннарар, ситиһиилэнэр. Ол гынан баран быстах эрэ кэмҥэ кини сүрэҕэ уоскуйар, дууһата дуоһуйар.

церковь в Намцах

Фото Леонида Шеметова

Ханнык баҕарар киһи тус бэйэтигэр, дьиэ кэргэнигэр, чугас дьонугар толору дьоллоох олоҕу баҕарар. Бу хас биирдии киһиэхэ үтүө санаа баарын көрдөрөр. Ол гынан баран аҥаардас үтүө санаа, тыл-өс кыаҕа, бэйэ уонна дьон эрэ күүһүгэр эрэнэр буоллахха, олус кыра эбит. Ити барыта бастакы ыарахаттарга эрэ диэри тулуһуон сөп. Онтон киһи олоҕор ыһыллыы-кэһиллии тахсыан, онон кини соҕотохсуйуон, мунчаарыан, санаата тууйуллуон сөп. Дьэ бу сонордоһуу бүппэт суолугар ханнык баҕарар киһи сүрэҕэр ыйытык үөскүүр: “Хаһан мин толору дуоһуйабын, уоскуйабын, хаһан олохпор уларыйыы тахсарый, эбэтэр бу сир олоҕо бүппэт түбүк, өрүү тугу эрэ сырсыы, эккирэтии эрэ дуу?” – диэн. Бу ыйытыкка араас хоруй баара биһиги сир оҕолоро хантан хааннаахпытын, кимтэн кииннээхпитин отой умнан, харахтаах эрээри көрбөт, кулгаахтаах эрээри истибэт буолан муна-тэнэ сылдьарбытын туоһулуур.

Итиннэ барытыгар дьиҥ кырдьыктаах хоруйу биэрэр кыахтаах арай Айыы Таҥара, аан дойдуну, көстөр-көстүбэт эйгэни уонна онно баары барытын айбыт Халлааннааҕы Аҕабыт, эрэ баар. Бу сир дьоно бука бары омукпутуттан тутулуга суох Айыы Таҥара кэрэ мөссүөнүгэр майгыннатан айыллыбыт эбиппит. Кини, биһигини айбыт Аҕабыт, бука барыбытын, кими да чорбоппокко, күүстээх  үрдүкү тапталынан таптыыр эрээри, сирдээҕи олоххут ыарахаттара суох буолуо диэн эрэннэрбэтэх. Кини барыбытыгар туһаайан эппит: “Кэлиҥ Миэхэ эрэйи-муҥу көрбүттэр, ыар сүгэһэргэ баттаппыттар бука бары – Мин эһигини уоскутуом”. (Матфейтан Сибэтиэй Евангелие, 11:28) Таҥара хас биирдии бэйэбитигэр көмөлөһүөн, кыһалҕабытын үллэстиэн, сүбэ-ама биэриэн, дурда-хахха буолуон, быыһаныы дьиҥ кырдьыктаах суолун ыйан биэриэн баҕарар. Туох мэһэйдиирий биһиги Аҕабытыттан ити этиллэр көмөнү ыларбытын?

Биһиги бары кэриэтэ истибиппит курдук, бастакы дьон үүрүллүбүт аанньалга, адьарайга, өйдөрүн сүүйтэрэн, Айыы Таҥарабыт тылыттан тахсан, олох эрэйдээх суолугар үктэммиттэр. Кинилэртэн сылтаан дьон барыта бэйэ-бэйэни тэпсии, бэйэ-бэйэҕэ ордугурҕааһын, улаатымсыйыы, бэрт былдьаһыы, бэйэмсэх буолуу, иэстэһии, өстөһүү, кыраһыы, охсуһуу-өлөрсүү суолун тутуһар муҥнаммыт эбиппит. Олохпутугар төһөлөөх аньыыны-хараны оҥорон кэлбиппит буолуой? Биһиги биир сүрүн иэдээммит – Айбыт Аҕабытын билиммэт буолуубут, онон Киниттэн аккаастаныы түмүгэр адьарай ыйбыт бутуурдаах албын суолунан барыыбыт. Халлааннааҕы Аҕабыт биһигини таптыыра бэрдиттэн, биһиги быыһанарбыт туһугар, Төрөппүт Соҕотох Уолун Иисус Христоһу сиргэ ыыппыта.

Онон Иисус аан дойду дьонун аньыытын-буруйун сүгэн Бэйэтинэн сиэртибэ буолбута. Языческай итэҕэллээхтэр бэйэлэрин таҥараларыгар сиэртибэ биэрэллэр, оттон христианнар Таҥаралара Бэйэтин сиэртибэлэнэр. Биһиги хас биирдиибит аньыыбытын кэмсинэн, Сүрэхтэнии Кистэлэҥнээх Дьайыытынан Христоһу кытта биир сомоҕо буолар кыахтанабыт. Дьэ онон хас биирдии киһиэхэ биһигини быыһаабыт Иисус Христоска итэҕэл уһуктуутун үөрүүлээх кэмэ кэллэ.

Намцы икона

Фото протоиерея Сергия Клинцова

Сүрэхтэннэхпитинэ аньыыбыт сотуллар, онон Таҥараны кытта эйэлэһэбит, олохпутун Кини сөбүлүүрүнэн олорор кыахтанабыт, аньыыны-хараны тумнабыт, сүрэхпит наар үтүөнү оҥорорго тардыһар. Бу саҥа олохпут биир дэхси чэпчэки буолбат, элбэх ыарахаттардаах, ол эрээри киһи онтон тутулуга суох олоҕор үрдүк үөрүүнү булар. Халлааннааҕы Саарыстыба, Ырай, сорохтор саныылларынан, киһи өлбүтүн эрэ кэннэ саҕаланар. Оннук буолбатах, Иисус Христос эрэннэрбитин курдук, Ырай манна биһиги сирдээҕи олохпутуттан саҕаланар. Кини этэр: “Халлааннааҕы Саарыстыба эһиги искитигэр баар” (Лукаттан Сибэтиэй Евангелие, 17:21). Ырай диэн итэҕэйээччи сүрэҕэр баар толору дьол. Айыы Тойон биһиэхэ туһаайбыт Тыыннаах Тылын Кинигэлэр Кинигэлэригэр Библияҕа суруйтаран турар. Бу Тылы Таҥара дьиэлэригэр аҕабыыттар, дьааканнар дьоҥҥо үчүгэйдик өйдөтөллөр.

Айыы Тойон сиргэ Сибэтиэй Тыыннаах Сиэркэбин олохтообута. Дьэ бу Сиэркэп Сибэтиэй Кистэлэҥнээх Дьайыыларынан, күүстээх үҥүүтүнэн Таҥара биһиэхэ, Кинини итэҕэйээччилэргэ, илгэлээх үтүөтүн биэрэр: сүрэхпитин, дууһабытын уоскутар, дьикти үөрүүнэн толорор, өйбүтүн-санаабытын уһугуннарар, бүтүн бэйэбитин сыыйа-баайа тупсарар. Онон биһиги Таҥараттан үөрэнэн, атын дьону хайдах баалларынан ылынан өйдүү сатыыбыт, кыра да хом санаата суох бырастыы гынабыт, алгыыбыт, кинилэр тустарыгар үҥэбит. Онон аньыылаах олохпут түлүк уутуттан уһуктан өйдүүн-санаалыын тосту уларыйбыппыт, быыһанар көнө суолга үктэммиппит иһин Айыы Таҥараҕа – Айааччы Аҕаҕа, Быыһааччы Иисуска уонна Сибэтиэй Тыыҥҥа барҕа махтал буолуохтун!

Эйэни кытта

Намтан Любовь