Эбэм туһунан ийэм суруйбут ахтыытын аахтахпына, харахпар Библия «Притчи» диэн кинигэтин 31-с түһүмэҕэр ойууламмыт хоһуун дьахтар – амарах сүрэхтээх, кыһамньылаах ийэ, сатабыллаах хаһаайка, туруу үлэһит мөссүөнэ көстөн кэлэр. Эбэм Дууна биһиэхэ Бүлүү Лөкөчөөнүгэр мин иккилээхпэр сылдьыбыт, онтон ыла кыайан кэлбэтэх. Ол эрээри мин кинини өйдүүр курдукпун – сүрэхпэр туох эрэ олус сылаас, сырдык сөҥөн сылдьар……Читать далее…
Кэс Тыл
№ 2 Июнь 2011 (28). Из рода в родСоһуччу үөрүү
Төһө да Сэбиэскэй былаас бириэмэтигэр Таҥараны итэҕэйии бобуллубутун иһин, сүрэхтэммит дьон син-биир итэҕэллэрин ыһыктыбакка сүрэхтэригэр тута сылдьалларын туһунан Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, 96 саастаах ытык кырдьаҕас Мария Львовна Николаева санаатын үллэстибитин суруйарга сананным. Быйыл саас дойдубар Хорулаҕа бара сырыттахпына, кини миэхэ манныгы кэпсээбитэ: – Оччолорго, сэрии кэмигэр, улахан аччыктааһын буолбутугар биһиги аҕыс киһилээх…Читать далее…
Ия туһунан иһирэх тыл
Кини кылаас сурунаалын, толору кинигэлээх суумканы кыбыммытынан мин олохпор киирэн кэлбитэ хайыы-үйэ отут икки сыл буола охсубут. Оччолорго Ия Евгеньевна Григорьева түөрт уонча саастааҕа, биһиэхэ, Ньурба бастакы нүөмэрдээх оскуолатын тохсус «Б» кылааһыгар, историяны үөрэтэрэ. Биир эмэ оҕону мөхпүтүн ончу өйдөөбөппүн эрээри, тоҕо эрэ бары олус толлор этибит.
Дьикти кыым саҕыллыыта
Кини ис-иһиттэн аһыллан, дьикти кэрэ куолаһынан Айыы Таҥара тапталын туойа турарын истибит киһи ол ураты ырыаны хаһан да умнуо суоҕа. Дьиҥ талаан дьону дириҥник долгутар, умсугутар күүстээх. Августина Семеновна Трифонова Сунтаар улууһун Күүкэй нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Ыал бастакы оҕото, тоҕус бииргэ төрөөбүт бырааттарын-балыстарын көрөн, кыра сааһыттан үлэҕэ үөрүйэх, кыһамньылаах, сытыы-хотуу буола улааппыта. Силиһэ суох мас үүммэт.…Читать далее…
Темы: Айыы Таҥара, Айыы Тойон, Палестина, Поэзия, Сахалыы, Сүрэхтэнии, Хоһуйуу.
Давидтыын сэһэргэһиэхпин баҕардым
Быйыл кыһын тохсунньу сүүрбэ күнүгэр Москваҕа эмтэнэ тиийээт, мин быһа үлэбэр, Библия тылбааһын Институтугар, барарга санаммытым. Киирбиппэр дьонум, үөрэн, тула үмүөрүспүттэрэ, саҥа тахсыбыт Саалтыыр кинигэтин аҕалан, миэхэ туттаран кэбиспиттэрэ. Бу уһун дьаныардаах үлэбит түмүгүн кууһан туран, мин ытык доҕорбун Дмитрий Кононовиһы өйдөөн кэлбитим. Биэс сыллааҕыта манна балыыһаҕа сыттаҕына, субу күн сирин көрбүт Саҥа Кэс Тылы илдьэн биэрбиппэр кини сүр сэниэлээхтик оронугар олоро түһээт: «Дьол! Дьол! Дьол!» – диэбитэ. Мин санаабар, бу иккиэн бииргэ тылбаастаабыт күндү кинигэбитин көрбүтэ эбитэ буоллар, кини үөрүүтэ муҥура суох буолуо этэ.