Көрсүһүү
2005 сыл балаҕан ыйын саҥатыгар мин Дьокуускайдааҕы дьиэбэр төлөпүөн тырылаабыта, умнубаттыы өйдөөн хаалбыт эйээркэй, чуор куолаһым: «Саргылаана, бу учууталыҥ Ия Евгеньевна саҥарабын, Ньурбаттан кэллим. Эйигин көрсөн сүбэлэһиэхпин баҕарабын. Миигин Православие наһаа тардар эрээри, мунаарарым элбэх», – диэбитэ.
Ол күһүн мин ытык доҕорбун Суорун Омоллоону аһыйан улаханнык соҥуора сылдьарым, кинини санаатым да, хараҕым уутун кыаммат этим. Дьиэбэр кэлэн учууталым барахсан миигин өйөөн, кутурҕаммын үллэстэн, санаабын дьайҕардан барбыта. Арахсарбытыгар, киниэхэ митрополит Антоний Сурожскай «Школа молитвы» диэн кинигэтин бэлэхтээбитим. Дууһата тугу көрдүүрүн мантан бэйэтэ булан ылыа дии санаабытым, кырдьыга да оннук буолбута.
Ия Евгеньевна саҥа эйгэҕэ, киһи сөҕүөн курдук, түргэнник силис тардан үүнэн-ситэн барбыта. Кини аһыныгас сүрэхтээҕэ, хайдахтаах да ыарахан түгэҥҥэ киһиэхэ саамай тоҕоостоох, эмтээх тылы сатаан булан этэрэ. Аҕам ыараханнык ыалдьыбытыгар, эмиэ түбэһэ кэлэн өйбүн-санаабын бөҕөргөппүтэ, күүс-көмө буолбута.
Былырыын күһүн кинини, соҕурууттан кэлээтин, Преображенскай собуор тиэргэнигэр, трапезнай ааныгар көрсө түспүтүм. Миэхэ аҕалбыт кэһиитин – архимандрит Иоанн Крестьянкин «Келейная книжица» диэн хара тастаах ытыс саҕа кинигэтин уонна хара былааты – суумкатыгар укта сылдьарын бэлэхтээбитэ. «Саломия, дьэ эһиги тускутугар үҥэ сатаатым, эн эмиэ мин туспар көрдөһөөр дуу», – диэбитэ. Миигин кэтэһэн турар буоланнар, өр кэпсэппэтэхпит. Кини сарсыныгар Ньурбаҕа көтүөхтээҕэ. Ыраатан иһэн, ытырыктата санаан эргиллэн көрбүтүм, кэннибиттэн өссө да көрөн турара, далбаатаабыта.
Учууталым биһигиттэн букатын барбыта түөрт уон хонугун ааста да, ону хайдах да кыайан итэҕэйэ иликпин. Санаабар, субу төлөпүөн тырылыы түһүөх, эйэҕэс чуор куолас: «Эн тускар бүгүн мэлиибэн сакаастаатым. Өссө туох кыһалҕалааххытый, мин манна эһиги тускутугар үҥэ кэлбитим ээ», – диэх курдук…
Саргылаана (Саломия) ЛЕОНТЬЕВА,
Дьокуускай
Таҥара тапталыгар уйдаран
Бу дойдуга олорон ааһыахтаах киһи хайаан да туох эрэ сыаллаах-соруктаах буолар. Мин санаабар, Ия Евгеньевна барахсан итэҕэйбит Айыы Тойон Таҥаратын тапталыгар уйдаран, ол соругун барытын толорон барда. Кини Таҥараны муҥура суох таптыырын олорор олоҕо, үлэтэ-хамнаһа, дьоҥҥо-сэргэҕэ сыһыана, Христос үөрэҕин өрө тутара итэҕэтиилээхтик туоһулуура. Ия Евгеньевна олоҕун устатын тухары оскуола оҕолорун такайан үөрэппитэ, сылаас-сырдык дууһатын иэйиитин үөрэнээччилэригэр иҥэрбитэ.
Мин кинини кытта аан маҥнай Ньурба общинатыгар билсибитим. Онно миэхэ: «Сарсыарда эрдэ оскуолабар баран истэхпинэ, ыттар саба түһэннэр тутан сии сыспыттара, элбэхтэрэ бөҕө этэ. Айыы Тойон Таҥарам көмөлөспөтөҕө буоллар, улаханнык эчэйиэх эбиппин», – диэн сөҕөн-махтайан кэпсээбитин өйдүүбүн.
Ия Евгеньевна православнай итэҕэлгэ кэлэн Таҥараттан улахан өйөбүлү ылабын диэн наһаа үөрэрэ. Ордук соҕуруу куорат манастыырыгар сайын аайы баран дууһата чэпчиирин ахтара. Таҥара көмөтүнэн кини онно ханнык баҕарар үлэни үөрүүнэн толорор эбит этэ. Ол сиртэн хайаан да миэхэ өйдөбүнньүк кэһиилээх кэлэрэ. Биир кыһын дьиэтигэр кэлэ сылдьыбыппар, уһун киэһэни быһа кэпсии-кэпсии хаартыска көрдөрбүтэ. Сибэтиэйдэр олорон ааспыт манастыырдарыгар, храмнарыгар сылдьан түспүтүн, оннооҕу доҕотторун, духуобунай аҕатын хаартыскаларын. Патриарх Алексийы олох чугастан көрбүт, аттыгар тиийэн алгыһын ылбыт этэ.
Ия Евгеньевна Ньурбатааҕы храмын туох да олус сөбүлүүр этэ, онно үлэлиириттэн үөрэрэ. Мин Таҥараны итэҕэйбит биир дойдулаахтарбар, Хорула дьонугар, көмөлөһөрбөр, кини бэрт элбэҕи сүбэлээбитэ, дьонум туһугар бэйэбин кытта тэҥҥэ долгуйар, кыһаллар-мүһэллэр этэ.
Айыы Тойон биһиги Ия Евгеньевнабыт сырдык, ыраас дууһатын харыһыйыа, сирдээҕи аньыытын-харатын барытын бырастыы гыныа диэн мин эрэнэ саныыбын. Таҥара кинини Халлааннааҕы Саарыстыбатыгар ыларын туһугар мин өрүү үҥэ-көрдөһө сылдьыам.
Быралыйар сылларга быраһаай, Ия!
Матрена ИГНАТЬЕВА,
Дьокуускай
Биһиги сүрэхпитигэр эн өрүү тыыннааххын
Бу үүммүт дьыл үһүс күнүн сарсыардатыгар мин олус таптыыр, биир итэҕэллээх киһим бу сирдээҕи олоҕун түмүктээбитин туһунан миэхэ төлөпүөнүнэн эппиттэригэр, хайдах эрэ соһуйбакка истибитим эрээри, билигин кинини олус суохтуубун, санаан кэллэрбин эрэ, дууһабын курус санаа түүрэ тутар. Арай «ол дойдуга» этэҥҥэ сылдьара буолуо диэн эрэл санаам уоскутар.
Мин ахтар күндү киһим – Ньурбатааҕы Никольскай храмҥа өрүү бииргэ сылдьыбыт доҕорбут, эдьиийбит Ия Евгеньевна Григорьева. Кинини тиһэҕин биһиги храммытыгар саҥа дьыл иккис күнүгэр сибэтиэй кырдьыксыт Иоанн Кронштадтскайы чиэстиир сулууспаҕа көрбүт эбиппин. Сулууспа кэнниттэн Ия барыбытыгар Ороһуоспанан кыракый бэлэх туттартаабыта. Билигин санаатахпына, бырааһынньыгы биһигини кытта бииргэ ылбатын эрдэттэн билэн сылдьыбыт эбит. Кини түөрт уонтан тахса сыл эдэр ыччаты историяҕа үөрэтэн баран быйыл эрэ уурайбыта. Онтон ыла ис дууһатыттан тардыһан Таҥара туһугар өссө күүскэ үлэлээбитэ, Киниэхэ итэҕэлинэн олорбута.
«Алроса» Ньурбатааҕы компанията үбүлээн биһиэхэ сүрдээх кырасыабай Таҥара дьиэтин туттаран дьэргэтэн таһаарбыта, ону ааспыт сыл кыһыҥҥы Ньукуолун күнүгэр епископ Зосима кэлэн сибэтии гыммыта. Онно аҕа баһылыкпыт бэйэтэ алгыһын биэрэн, Ия храмҥа алтарница буолбута. Кини аалтаар иһин олус сэрэнэн, кыһаллан-мүһэллэн сууйара-соторо, аҕабыыттар кэлэн сулууспа ыыттахтарына, көмөлөһөрө.
Храммытыгар биһиги күннэтэ дьуһуурунайдыыбыт эрээри, мөлтөхпүт бэрт буолан, кэлэр кыахтаах киһи үс-түөрт эрэ буолара. Үлэлээбэт, соҕотоҕун олорор, сололоох киһибит Ия буолан хаалара, онон нэдиэлэҕэ хаста да дьуһуурунайдыыра. Атаҕа ыалдьар, хаанын баттааһына эмискэ үрдүүр-намтыыр буолан эрэйдэнэрэ, сылайара кэмнээх буолуо дуо, онуоха эбии Таҥара дьиэтиттэн олус ыраах баар, оһоҕунан оттуллар чааһынай дьиэҕэ олороро. Ол эрээри кини суланар тылын мин биирдэ да истибэтэҕим, өрүү «Таҥараҕа үлэлиибин, атын ким эрэ туһугар буолбатах» диирэ.
Мин кинини кытта паломник быһыытынан иккитэ Псков уобалаһыгар «Пушкинские горы» диэн сиргэ, эр дьон Святогорскайдааҕы Свято-Успенскай манастыырыгар барса сылдьыбытым. Онно Ньурбалар бэйэбит киһибит, бастакы приход ыстаарыстата монахиня Гавриила баар. Ия бастакы сылыгар духуобунай аҕаламмыта, онтон наһаа үөрэрэ, кинини кытта ситимин быспакка, өрүү билсиһэ, сүбэ-ама ыла турара. Кэлин икки сыл утуу-субуу бэйэтэ соҕотоҕун сылдьыбыта, элбэххэ үөрэнэн духуобунай өттүнэн сиппит-хоппут этэ. Манастыырга, соруйбуттарын толорон, куукунаҕа уонна лааппыга үлэлээбитэ. «Таҥара көмөлөһөр, күүс биэрэр буолан итии баҕайы кэмҥэ отучча бырааттарбын аһаталаатым, сылайбат этим» диирэ. Аньыытын өрүү этинэн, духуобунай аҕатын алгыһынан элбэхтик Таҥараҕа тиксибитин туһунан кэпсиирэ.
Ия күүстээх итэҕэллээҕин, Таҥараҕа бэриниилээҕин мин кини дьиэ кэргэниттэн көрөбүн. Оҕолоро – уолаттара, кийииттэрэ, сиэннэрэ – бука бары сүрэхтэммиттэрэ. Ийэлэрэ кинилэр тустарыгар куруук үҥэрэ. Онно даҕаны, ол сырдык дойдуга, Ия барыбыт туспутугар кыһалла-мүһэллэ, үҥэ сырыттаҕа, биһиги эмиэ, биир итэҕэллээхтэрэ, оҕолоро бары кини туһугар – куруук күөххэ, сырдыкка, ичигэскэ сырыттын диэн, Айыы Таҥарабытыттан көрдөһөбүт.
Ия миэхэ, бытааннык өйдүүр мөлтөх киһиэхэ, өрүү этэрэ: «Бүгүн баарбыт, сарсын суохпут, онон куруук бэлэм буолуохтаахпыт. Таҥара хаһан биһигини кэлэн ыларын Бэйэтэ билэр». Онон кинини ыллаҕына, тугу таҥыннарарбытын, хайдах cууйарбытын, кимиэхэ биллэрэрбитин барытын эрдэттэн ыйбыта, бэл, суруйан хаалларбыт этэ.
Кини өлүү туһунан этэрин мин хаҥас кулгаахпынан киллэрэн баран уҥабынан тһааран умнан кэбиспит курдугум да, бу кэлин, Иям суох буолбутун кэннэ, барытын өйдөөн-санаан кэллим. Билигин дьэ толору өйдөөтүм биһиги онуоха куруук бэлэм буолуохтаахпытын, аньыыны-хараны оҥорбокко, дьону-сэргэни хайдах баалларынан таптыахтаахпытын, Таҥараҕа итэҕэлбитинэн олоруохтаахпытын… Махтанабын Айыы Таҥараҕа миигин Ияны кытта көрсүһүннэрбитин, кинини кытта бииргэ сырытыннарбытын, биир итэҕэлгэ аҕалбытын иһин!
Өссө манныгы ахтыахпын баҕарабын. Кини Ороһуоспа курдук улахан үөрүүлээх бырааһынньыгы аҕабыыта суох хайдах ылабыт диэн санаарҕаабытын өйдүүбүн. Онто баара… Кинини тиһэх суолугар атаара Мирнэйтэн а. Николай кэлбитэ. Куолакал кутурҕаннаах тыаһа Ньурба үрдүнэн иһиллэн дьон-сэргэ мустан, бука бары Таҥараҕа үҥэммит, Иябытын тиһэх суолугар атаарбыппыт…
Онтон а. Николай Ороһуоспа бырааһынньыгар хаалан Литургия ыытарын истэммит, кутурҕаммыт үөрүүгэ кубулуйбута. Иябыт үҥэрин истэн Айыы Таҥарабыт кинини биһиэхэ аҕаллаҕа. Онон Ньурбаҕа эмиэ кыһыҥҥы Иордан баар буолбута, Литургия ыытыллыбыта.
Иябыт барахсан наһаа дьэллэм этэ, киһиэхэ барытыгар көмөлөһө сатыыра. Харчыбынан быһыннахпына, миэхэ күүһүнэн харчы биэрэрэ, ону олох төттөрү ылбат этэ. Тиһэх кэриэһигэр тапталлаах Таҥарам дьиэтигэр биэс уон тыһыынча солкуобайы хаалларабын диэн суруйбутун булбуппут.
Таптыыр, убаастыыр Иям барахсан, эн билигин оҕолоруҥ, сиэннэриҥ аттыларыгар суоххун, ол гынан баран биһиги сүрэхпитигэр, өйбүтүгэр-санаабытыгар өрүүтүн тыыннааххын.
Лидия ЕГОРОВА,
Ньурба