Саха народнай суруйааччыта Д.К.Сивцев – Суорун Омоллоон олоҕун тиһэх күннэригэр сиэн балтыттан Сыкынаттан «Люда туһунан суруйарыҥ эбитэ буоллар» диэн көрдөспүт этэ. Дмитрий Кононович бииргэ үлэлээбит доҕорун Людмила Григорьеваны ол курдук күндүтүк саныыра. Сыкына кини көрдөһүүтүн кыайан толорботоҕо – сыл иһинэн ыараханнык ыалдьан өлбүтэ. Онон бүгүн биһиги Дмитрий Кононович тиһэх баҕатын толорордуу сананаммыт, кини улаханнык ытыктыыр, сыаналыыр, өссө бииргэ үлэлиэх буолан болдьоспут киһитин Екатерина Петровна Чехордуна ахтыытын бэчээттиибит.
Саргылаана (Саломия) ЛЕОНТЬЕВА
Бэйэтин кэмин чаҕылхай кыыһа
Люся. Люда. Людмила Николаевна.
ХХ-с үйэ иккис аҥарыгар (1943-1987 сс.) олорон, үлэлээн, айан-тутан ааспыт биир чаҕылхай киһибит этэ. Кини күн сиригэр баара-суоҕа 44 сыл олорон ааспыта эрээри элбэҕи оҥорон барбыта. Билигин баара буоллар, 65 сааһын бэлиэтиэх этэ.
Биһиги оҕо сааспыт тапталлаах Сахабыт сирин биир кэрэ-бэлиэ сиригэр, ытык Таатта Тыараһатыгар ааспыта. Бу бэрт өрдөөҥүттэн, түҥ былыргыттан силис-мутук тардыбыт дьонноох-сэргэлээх дойду. Сиргэ ырай диэн баар эбит буоллаҕына, маннык буолар диэбиттии сирдээх-уоттаах үтүө сир. Дьиэрэҥкэйдиир атах дьиэрийбит дьэрэкээннээх толооннордоох, аҥаат-муҥаат алаарыйбыт арыы-сыа алаастардаах, аакка-суолга киирбит көнө ньуурдаах сыһыылардаах олоҥхоҕо хоһуллар үтүө дойдуга олорбут эрэ барыта курдаттыы тартарар уратылаах.
Онон да эбитэ буолуо, Люся Кыйытын олус уйаҕастык, нарыннык таптыыра (оҕо сылдьан, биһиги кинини Люся диирбит). Ону «Күннээх дьиэ» диэн ахтыы кинигэбэр көрдөрөн аһарбытым. Кэпсээн кылгаһын быһыытынан холобурга диэн киллэрэбин.
Ирбэнньик үҥкүүтэ
Төрдүһү бүтэрэн, үөрэ аҕай сылдьабыт.
Дьүөгэм Лүүсэлиин күөх ньаассын отунан хаамсан иһэбит. Онтон эмискэ кыыһым:
– Көрүүй, көр… ол ууну көр, – диэтэ.
Кини ыйбыт сирин хоту көрөбүн.
– Көрүүй, Кэчиимэ, көмүс кыырпаҕы дуу, алмааһы дуу ыспыттыы уубут дьирминиирэ тоҕо баҕас үчүгэйэй?! – уонуттан саҥа тахсан эрэр да буоллар, олус элбэҕи аахпыт, сайдыылаах дьүөгэм саҥата кытта уларыйбыт.
Биһиги балачча үрдүк сыырга турабыт. Анныбытыгар киэҥ үрэх ньуура нэлэһийэр. Онно сайыҥҥы күн уота араас сардаҥаны ыспыта ууга дьиримнии оонньуур эбит.
– Көрүүй да, адьас үҥкүүлээн эрэргэ дылылар дии, – дьүөгэм долгуйарыттан куолаһа титирэстиир, – бу сырдыктарын, ыраастарын! Оо, маны хайаан кэрэхсээбэт буолуохпутуй, Кэчиимээ! – кыыһым кууһан ылар.
Мин эмиэ долгуйа одуулуубун. Ол да буоллар, тугу саныырбын тылбынан сатаан булан эппэппин.
Кыра сиккиэр тыалтан эрэһэ долгун оонньуур. Ол аайы били кылапачыгас ирбинньиктэрбит дьиримнэһэн, үҥкүүлээн, биһилэх-биһилэх буолан, кытыл диэки кылыгырайа сырсаллар. Долгуннар биир сиргэ турбакка дьиэрэҥкэй тэбэллэр, чаҕылла оонньууллар, ханна эрэ саһаллар, куоталлар.
– Оо, маннык кэрэ дойдуну хайдах таптыахпыт суоҕай, дьүөгээм?! Хойут, үөрэхтээх да киһи буолан баран, син-биир кэлэр буолуом, – диир долгуйа үөрбүт дьүөгэм.
Күһүнүгэр атын-атын оскуолаҕа үөрэнэ барбыппыт.
(ЧЕП. Күннээх дьиэ.-Дьокуускай, 2006. с.45.)
Мантан да көстөрүнэн, Люся оҕо эрдэҕиттэн кыра да үчүгэйи суолталыыр, өйдүүр уратылаах буолара. Кини ити үтүө хаачыстыбата улааппытын да кэннэ, ааһан хаалбатаҕа. Кыраттан долгуйа үөрэр, ону тылынан сатаан сааһылаан этэр буолан, кэпсэтэр киһитин ордук чугаһатар, уйулҕатын таарыйар, өйүн-санаатын сааһылыыр уратылаах эбитин билигин кырдьан олорон ситэри сыаналаан сөҕөбүн эрэ.
Люся Тыараһа, Чурапчы, Чөркөөх оскуолаларыгар үөрэммитэ. Кини төгүрүк тулаайах улааппыт буолан, эрэйи-кыһалҕаны өйдүүрэ. Эбэтигэр иитиллибитэ Люся олоҕу көрүүтүгэр, дьоҥҥо, үлэҕэ-хамнаска сыһыаныгар улахан оруолу ылбыт буолуохтаах. Лоп-бааччы тыллаах-өстөөх, киһи санаатын иһинэн туттар-хаптар кыысчааны оҕо даҕаны, улахан да дьон убаастыырбыт, ытыктыырбыт.
1961-62 үөрэх сылыгар Чөркөөх орто оскуолатын ахсыс кылааһыгар 15 буолан бииргэ үөрэммиппит. Кылааспытыгар Люсяны биир санаанан старостанан талбыппыт. Люся староста быһыытынан кылааспыт салайааччыта Мордосова Тамара Григорьевнаны кытары күүстээх үлэни ыыппыттара.
Оччолорго Тамара Григорьевна – үрдүк үөрэҕи саҥа бүтэрэн кэлбит мааны бөҕө эдэркээн учуутал. Кини химияны, биологияны үөрэтэрэ. Старостабыт уонна кылааспыт салайааччыта биир сүрүннээхтик сүбэнэн үлэлииллэрэ. Билигин, сааһыран олорон, сөҕө саныыбын ээ: уон биэстээх-уон алталаах оҕо биһигини, саастыылаахтарын, сатаан түмэрэ, үүннүүрэ-тэһиинниирэ. Биһиги бары даҕаны сытыы-хотуу, турбут-олорбут, саҥарбыт-иҥэрбит оҕолор буоларбытынан, мэник-тэник быһыы да баара. Онно үгүстүк мунньахтаан, санаабытын этэн, хаһыат таһааран, биирдиилээн оҕону кытары анаан-минээн сыралаһан, үгүс үлэни ыыппыттара.
Тамара Григорьевна үрдүк култууралаах, киэҥ дириҥ билиилээх учуутал буолан, хара маҥнайгыттан үгүс оҕо болҕомтотун тарпыта, кутун туппута. Биһигини сырдыкка, култуураҕа иитэр араас үлэни ыытарыгар Люся тэҥнээх доҕор, дьүөгэ курдук буолбуттуу саныыбын. Ону кэлин Людмила Николаевна учууталын күндүтүк саныырыттан, үрдүктүк тутарыттан итинник түмүккэ кэлбитим. Кинилэр тута өйдөһөн учуутал – үөрэнээччи икки ардыгар оччолорго саҥа сыһыаны, сонун сүүрээни киллэрбиттэрэ.
ХХ-с үйэ 60-с сылларыгар учуутал нэһилиэккэ аптарытыата улахан, бары ыытыллар үлэҕэ инники сылдьар киһи этэ. Онон учуутал тыла улахан да дьоҥҥо, эгэ, оҕолору этэ да барыллыбат, сокуон курдук ылыныллар кэмигэр Люся уонна Тамара Григорьевна икки ардыгар хардарыта өйдөһүү, тыл тылга тута киирии, билиҥҥи тылынан эттэххэ, партнердыы сыһыан олохтоммута. Ол кылаас олоҕор, хас биирдии үөрэнээччигэ үтүө сабыдыаллааҕа.
Тус бэйэм олохпор ити сыл эмиэ кэккэ уустуктардаах буолбута. Тапталлаах аҕам ыараханнык ыалдьан, кэккэлэһэ турар дьиэҕэ, ол эбэтэр балыыһаҕа сытара. Аҕам сытар палаатата мин кылааспыттан, олорор паартам түннүгүттэн субу көстөн турара. Аҕабар балыыһаҕа субу-субу сылдьарым, бу туругар тугунан да көмөлөһөр кыаҕа суохпуттан, көрдөрбүтүнэн сүтэрэн эрэрбиттэн олус хараастан, санаарҕаан үөрэхпэр, майгыбар-сигилибэр лаппа оҕустарбытым. Онуоха дьүөгэлэрим Люся уонна Роза өй-санаа уган, күүс-көмө буола стаабыттарын билигин да уйадыйа ахтабын.
Ити сыл Люся аны бэйэтэ ыалдьан, саас балыыһаҕа уһуннук эмтэммитэ. Кини уопсайынан да доруобуйата соччото суох этэ. Ол да буоллар, санаатын күүһүнэн, үөрэҕэр үчүгэйинэн кылааһын бүтэрбитэ.
Люся дьулуурдааҕын, санаатын уурда да ситиһэрин кыра эрдэҕиттэн билэбин. Сэттис кылааһы бүтэрбит сайыммытыгар ыраах Даайа Аммата диэн учаастакка от биригээдэтигэр ыыттылар. Люся биһиги кэбиһиигэ ананныбыт. Кини түсчүт, мин бугул түгэҕин харбааччы буоллубут.
Биһиги отууттан син тэйиччи сылдьабыт. Ол иһин биир оҕуһу атах тардыстан (аныгылыы эттэххэ, транспорт) көлө гыныҥ диэн анаатылар. Хайабыт даҕаны оҕуһу сатаан мииммэппит. Оттон биһиги сыбыдах оҕуһу миинэр эрэ буолбатахпыт, аны мэҥэстэн олоруохтаахпыт эбээт.
Мин ол оҕуска чугаһаабаппын даҕаны. Люся сиэтэн баран хаамтаран көрдө. Онтон оҕуска тахса сатаата, мин үтэн көрдүм. Оҕус ньылбырхайа сүрдээх үһү, онтон киһим ханан да дьөрү сиртэн өндөйбөт даҕаны. Аны күлэрбит оҕото… Олох быара суох сытабыт. «Сиэтэн тахсыах» диирбин туох иһин буолуммат. «Хайаан да үөрэниэхтээхпит, мииниэхтээхпит», – диир да эмиэ харса суох оҕуһун диэки хаампытынан барар. Хата, бэрт холку, нэс оҕуһу биэрбиттэр. Хайаа даҕаны, кыһаммат.
Син балачча мучумааннаммыппыт кэннэ Люсяҕа өй киирдэ: бугул үрдүттэн миинэргэ диэн буолла. Онон биир обургу бугулу буллубут. Оҕуспутун аҕалан ол аттыгар туруоран кэбистибит. Люся бугул үрдүгэр тахсан көрдө. Бугул ардах кэнниттэн чиҥээбит буолан баран түөрэккэй эбит, киһи үрдүгэр тахсыбытыгар төбөтө ыһыллан хаалла. Хас да бугулу үрэйбит кэннэ, Люся астаһан-астаһан оҕуһун мииннэ. Аны мин уочаратым кэллэ. Оҕо эрдэхпинэ, күлүүкпүнэн өлбүт киһи этим. Онон сатаабаккабын, эбиитин олус күлэммин оҕуспут, хайа муҥун, сиргэнэ сыһан, чэ, быһата, мин сатыылаабытым. Люся бэйэтэ оҕуһун миинэн барбыта. Киэһэтин, биллэн турар, бугулу алдьатаммыт мөҕүллүбүппүт. Ол да буоллар, Люся оҕуһу миинэргэ балачча үөрэммитэ. Кэлин даҕаны, туох да үлэттэн иҥнэн-толлон турбат буолара.
Люся оҕо сылдьан туйгуннук үөрэммитэ. Кэлин даҕаны, ыалдыбата эбитэ буоллар, туйгуннук үөрэниэ эбитэ буолуо.
1969 сыллаахха ыра санаатын толорон, СГУ саха салаатыгар үөрэнэ киирбитэ. Кини үлэ-үөрэх үөһүгэр, этэллэрин курдук, утаппыттыы сайдар суолу тутуспута. Олус да үөрэрэ, дьоллоноро.
Мин кэтэхтэн үөрэнэр киһи, сылга иккитэ киирэрим. Онон хам-түм көрсөрбүт. Ордук саас, сайын, дьыл ичигэс кэмигэр көрүстэхпитинэ, уһуннук кэпсэтэрбит. Дьоллоох Дьокуускайга Сэргэлээх уопсайыгар саастыылаахтарын кытта эн-мин дэһэн үөрэнэ сылдьарыттан иккиэн олус астынарбыт. Кини дьол-соргу аргыстанан, кынат үүннэринэн наука эйгэтигэр киирэн испитэ. Оччотооҕуга мин элбэхтик ааттарынан эрэ истэн билэр, норуокка киэҥник биллэр дьону кытта элбэхтик алтыһар, сорохторун кытары убай-балыс, аҕа табаарыс быһыытынан алтыһар эбит этэ. Ол туһунан кэпсиир буолара. Бииргэ үөрэнэр ыччаттарыттан астынара, хас биирдиилэрин личность быһыытынан сыаналыыра.
Люся эдэр сааһыттан хаартыска хомуйан, ол историятын быһаарар дьарыктааҕа. Кини чинчийэр үлэтэ аҕатын олоҕун үөрэтэриттэн саҕаламмыта дии саныыбын. Аҕата Николай Павлович Григорьев оройуоҥҥа улаханнык ытыктанар, нэһилиэк киэн туттар киһитэ этэ. Таатта оройуонун бастакы идэтийбит агронома. Николай Павлович оройуон олоҕо-дьаһаҕа тупсарыгар үгүс үчүгэй дьыаланы оҥорбута. Кини ыарахан ыарыыттан эдэр сааһыгар өлбүтэ. Люда ийэтэ эмиэ уһаабатаҕа. Онон Люда дьонун өйдөөбөт кыракый сааһыгар тулаайах хаалбыт киһи, үйэтин тухары дьонун туһунан сураһара, бэрт кыра да саҥаны биллэҕинэ, үөрэрэ, тута бэлиэтэнэн иһэрэ. Аны аҕатын туһунан дьаныһан туран архыыпка сылдьан үөрэппитэ, дьонтон ыйыталаспыта, ыраах да, чугас да дьону кытары суруйсубута. Онон аҕатын туһунан элбэх сыаналаах матырыйаал хомуллубут буолуохтаах, кинигэ оҥорор баҕалааҕа.
Студенныы сылдьан, миэхэ биирдэ: «Миигин манна бары Люда диэн ыҥыраллар. Онон Люся диэн оҕо сааспын санатар аат буолан сырыттын. Эн эмиэ Люда диир буолаар», – диэбитэ.
Онон студенныыр сылларыгар Люда хаартысканы хомуйарын салҕаабыта. Саха бастакы суруйааччылара А.Е.Кулаковскай, А.И.Софронов, Н.Д.Неустроев, П.А.Ойуунускай олохторун үөрэппитэ, суруйар үлэлэрин чинчийбитэ. 1973 сыллаахха кулун тутар ыйга Люда хомуйбут сэдэх хаартыскаларын быыстапката буолбут этэ. Мин 5-с курска үөрэнэ сылдьарым. Тохсунньу ыйга кыһыҥҥы сессияҕа киирэ сылдьан көрсүбүтүм. Онно олус эппиэттээх үлэни ылыммытын, быыстапка тэрийээри үлэ бөҕөҕө сылдьарын кэпсээбитэ. Күнүн адьас мүнүүтэнэн аттаран былаанныыра өтө көстөрө. Быыстапка үрдүк таһымҥа ааспытын хаһыаттан аахпыппыт. Онно дьүөгэбинэн киэн туттубутум.
Онон университеты бүтэрэр дипломнай үлэтэ ити хайысханан баран «Жизнь и деятельность А.Е.Кулаковского, А.И.Софронова, Н.Д.Неустроева» диэн тиэмэлэммитэ уонна «туйгун» сыананы ылбыта. Бу үлэ билигин фотоальбом буолан, «Бичик» кинигэ издательствотыгар бэчээттэнэн саха ыалыгар, оскуолаҕа, төрөөбүт кыраайы үөрэтэр киһиэхэ – бука барыбытыгар туһалыы, ыччаты иитэ-үөрэтэ сылдьар.
Людмила Николаевнаны кытары аны мин П.А.Ойуунускай аатынан Чөркөөх орто оскуолатыгар, кини Чөркөөхтөөҕү политсыылка музейыгар үлэлиир кэммитигэр 1981-84 сылларга алтыспыппыт.
Биһиги, оскуола уонна музей салалтата, оҕону патриотическай тыыҥҥа иитэр үлэҕэ бииргэ үлэлээбиппит.
Музейы тэрийээччи, үлэни иилээччи-саҕалааччы саха норуотун биир чулуу уола, дириҥник ытыктыыр-сүгүрүйэр киһибит Д.К.Сивцев – Суорун Омоллоон салайааччыбыт этэ. Кини Чөркөөххө музейы тэрийэригэр бу үлэ туох-ханнык иннинэ ыччакка, оҕолорго туһаайылларын тоһоҕолоон эппит этэ, ону кэлин үгүстүк бэлиэтиир буолара.
Дмитрий Кононович бу санаатын олоххо киллэрээччинэн Людмила Николаевна салайааччылаах музей үлэһиттэрин дьоҕус коллектива буолбута. 1982-84 сылларга, мин оскуолаҕа үлэлээбит кэммэр, икки үөрэх дьылыгар «Оскуолаҕа музей күнэ» олус тэрээһиннээхтик барбыттара. Биир сыл музейга бэйэтигэр декада тэрийэн ыыппыттара. Суорун Омоллоон, Людмила Николаевна, Полина Дмитриевна Филатова, Изабелла Яковлевна Сивцева (Жерготова) музейтан уонна Анна Павловна Татаринова (Варламова), Екатерина Ильинична Аржакова, кылаас салайааччылара, начаалынай кылаас учууталлара араас өрүттээх киэҥ ис хоһоонноох үлэни ыыппыттара. Ол түмүгэр сылын аайы ыытыллар үтүө үгэстэргэ (субуотунньук, быыстапка) эбии үлэ саҥа көрүҥнэрэ: музейга экскурсовод оҕолору бэлэмнээһин, кылаастарынан чинчийии үлэ, музей уруоктара о.д.а. курдук оҕо сэҥээрэр үлэлэрэ баар буолбуттара. Бу үлэни оскуола учууталлара кэлин сылларга өссө кэҥэтэн, сайыннаран, музейнай педагогика диэн саҥа хайысхаҕа тахсыбыттара кэрэхсэбиллээх. Онон Чөркөөх оскуолатыгар музейнай педагогиканы саҕалаабыт, иитэр үлэ саҥа хайысхатын быһыытынан торумнаспыт, суолун-ииһин буларыгар теорияны уонна практиканы ситимнээбит дьонунан Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоону уонна Л.Н.Григорьеваны ааҕар оруннаах, сиэрдээх буолуо дии саныыбын.
Биһиги Чөркөөххө олорор кэммитигэр үгүстүк көрсөр, хардарыта ыалдьыттаһар буоларбыт. Кэпсэтии сүрүннээн оҕону иитэр үлэ, история, литература тула буолара.
Биир кэмҥэ кини саха үс бастакы суруйааччыларыгар аналлаах фотоальбому бэлэмнээн үгүс үлэни көрсүбүтэ.
Дипломнай үлэтигэр олоҕурар буолан, матырыйаала бэлэм этэ гынан баран, хара (черновой) үлэтэ баһаам үгүс быһыылааҕа. Биирдэ кини көрдөһүүтүнэн көмөлөспүтүм. Альбом хас биирдии лииһэ биир ватман кумааҕыта этэ. Онно хаартысканы сыһыарар, ол анныгар хара тушь кыраасканан бэчээтинэй буукубанан быһаарыы суруга бэриллэр. Миигин кытта икки кылааһынньыгын Иннокентий Жегусовы, Роман Богатыревы эмиэ көрдөспүт эбит. Онон төрдүө буолан, күнү туура, сынньаммакка үлэлээбиппит. Людмила Николаевна ис хоһоонун бэлэмниир, ыйар-кэрдэр. Мин хаартыскалары сыһыарабын, уолаттар суруйаллар. Онно көрдөххө, альбом бэлэмнээһинэ диэн олус бырыынчык, ииччэх-бааччах үлэ буолар эбит этэ. Салла санаабытым. Дьүөгэм ону кыайар-хотор, эккирэтиһэн иннин ылар чинчийээччи быһыытынан сыаналанар үлэһит буолбутунан киэн тута санаабытым.
Людмила Николаевна: «Эһиги даҕаны, араас тиэмэни ылан маннык төһө баҕарар оҥоруҥ ээ», – диэбитигэр, биһиги үһүөн күүстээхтик аккаастаабыппыт. Онуоха кини: «Кыһаннахха, ким барыта кыайар ини», – диэбитин өйдүүбүн. Кини санаатын уурда да, ситиһэрин билэрбит бэрт буолан, бу да үлэ тахсарыгар эрэллээх этибит. Ол эрээри альбом хойут тахсыбыта.
Музейга кэлээччи-барааччы ол сылларга үгүс этэ. 1977-87 сылларга, Людмила Николаевна директордыыр кэмигэр, 174 614 киһи сылдьыбытын туһунан буклекка суруллар. Дьон биирдиилээн, бөлөҕүнэн, делегациянан чугастан-ыраахтан тиһигин быспакка кэлэрэ.
Бу дьону үксүн Людмила Николаевна бэйэтэ көрсөн, арыаллаан, кэпсээн-ипсээн астыннаран ыытара. Кини Суорун Омоллоону да кытары, соҕотоҕун даҕаны республика оройуоннарын кэрийэ сылдьан, лекция ааҕаллара, дакылаат оҥороллоро. Ити сылларга 456 лекцияны аахтылар диэн этиллэр. Үгүс хаартысканы, кэнники слайданы илдьэ сылдьан көрдөрөллөрө, уус-уран тылынан, олоххо сыһыаннаах араас чахчыларынан холобурдуу-холобурдуу олус дириҥ ис хоһоонноох үтүө лекцияны, дакылааты билигин үгүс киһи өйдүү-саныы сылдьара буолуо.
Музей бары дьиэтин-уотун кэрийэн, онно баар малы-салы сиһилии көрөн кэлэргэ нэдиэлэни да быһа сылдьыахха сөп. Аһаҕас халлаан анныгар турар музей ол курдук сирэ-уота киэҥ, тутуута элбэх, мала-сала баай, сэдэхтик көстөр көмүс да оҥоһуктар балачча бааллар. Уон сыл устата музейга 5 259 экскурсия барбыт, ол улахан үлэ буоларын туоһута. Ол да иһин, музей үтүө аата-суола, сураҕа киэҥ Россияны ааһа көтөн, омук да сиригэр тиийбитэ.
Людмила чугас дьүөгэлэриттэн биирдэстэрэ
Чехордуна Екатерина Петровна, пед. наука
кандидата, СР үтүөлээх учуутала, Таатта
улууһун бочуоттаах гражданина
2008 сыл, атырдьах ыйа.