Не могу сказать в лицо…
Здравствуйте, дорогие братья и сестры, издатели газеты «Логос»! Мир дому вашему! Огромное вам спасибо, что вы есть, поверьте – это от всего сердца. Хочу через вашу газету поведать православному люду о нашем духовном наставнике отце Михаиле Павлове. Он и то, что он делает для нас, заслуживает гораздо большего, чем я, грешный, могу написать. Это священник от Бога, огромной духовности и чистого, искреннего сердца. Да хранит его Господь от бед и напастей, а их хватает в его нелёгком служении и окормлении такой паствы, 90% которой сидят в колонии за убийство. А некоторые большую часть своей жизни отбывают срок за сроком. Таким людям, искушённым практически во всём, очень тяжело поверить кому бы то ни было. В лагере не принято открыто выражать своих чувств, благодарности.
Этого не избежал и я, хоть и уверовал в Господа уже 3,5 года назад. Но греховное и тёмное ещё живёт во мне, а посему сказать слова благодарности по-христиански, открыто, в лицо, пока не могу. Поэтому и прибег к помощи вашей газеты, тем более что всё, что вы публикуете, очень близко мне по духу. Пишите о нас хоть изредка, может быть, с вашей помощью сломается у многих по ту сторону забора стереотип о заключённых, типа: «Да, они все веруют в Бога, когда в зону попадают, а когда освободятся – принимаются за старое». Здесь я встретил братьев по вере, которые и освободившись, стараются жить по-христиански. В этом тоже немалая заслуга отца Михаила. Желаю вам всем искренней Божией любви и веры нелицемерной.
Павел Сергеевич Константинов, пос. Табага.
Атын киһи сыыһатын хайдах баарынан ылынан бырастыы гымматах киһиэхэ дьүүлэ эмиэ оннук буолар
“Логос” хаһыакка (№2, ыам ыйа, 2003 с.) “Айыы Тойон, барытын бырастыы гын,” – диэн суруйууну ааҕан баран, санаабын үллэстиэхпин баҕардым.
Манна “милость” диэн тылы “буруйу бырастыы гыныы” диэн тылбаастаатым. Мин саныахпар “милость” уонна “таптал” диэн тыллар арахсыспаттар, тоҕо диэтэххэ, Үрдүк Тапталлаах эбэтэр Үрдүк Таптал аатын сүгэр эрэ киһи атын дьон сыыһатын барытын бырастыы гынар кыахтаах. Сибэтиэй Суруйууга этиллибитинэн, Таҥара диэн Таптал. Кини, Таҥара Бэйэтэ, уонна Киниэхэ майгыннааччылар эрэ атын киһи аньыытын барытын бырастыы гынар кыахтаахтар.
Аҕа Таҥара биһигини Бэйэтигэр майгыннатан айбыта. Онтон биһиги Кини тылыттан тахсан, Киниэхэ майгылыыр айылгыбытын, Кинилиин эйэбитин сүтэрэн, Киниттэн арахсан, бараммат эрэйдээх дьылҕаламмыппыт, Аҕабытыттан, Халлааннааҕы Дойдубутуттан букатыннаахтык араҕан өлөр өлүүнү булуммуппут. Ол эрээри, Аҕабыт Үрдүк Таптал буоларын быһыытынан биһиэхэ улуу абыралын Уолунан, биһиги Айыы Тойоммут Иисус Христоһунан, биллэрэн турар. Халлааннааҕы Аҕа Таҥарабыт биһиги туох баар аньыыбытын бука барытын бырастыы гынарыгар улуу, кэрэ айылгытын, муҥура суох кыаҕын, уһун тулуурун көрдөрөн турар, ити барыта Кини биһигини бараммат Үрдүк Тапталынан таптыырын туоһулуур. Бу Үрдүк Тапталы, ол аата Таҥараны билбит эрэ киһи, Кини көмөтүнэн, атын киһини туох да хом санаата суох бырастыы гынар кыахтанар.
Таҥараттан барытын бырастыы гын диэн дууһабыт мөлтүүр эрэ кэмигэр буолбакка, өрүү, бу сиргэ олорорбут тухары, көрдөһөрбүт наадалаах.
Уонна биири умнуо суохтаахпыт: бэйэбит эмиэ дьон сыыһатын барытын бырастыы гыныахтаахпыт, тоҕо диэтэххэ Таҥара Тылыгар маннык сурулла сылдьар: “Атын киһи сыыһатын хайдах баарынан ылынан бырастыы гымматах киһиэхэ дьүүлэ эмиэ оннук буолар”, “дьон аньыытын бырастыы гымматаххына Аҕаҥ эн аньыыгын эмиэ бырастыы гыммат”. Биһиги Таҥараҕа майгылаан, Кинини сүрэхпитигэр илдьэ сырыттахпытына, ол эбэтэр олохпутун Иисус Аҕаттан аҕалбыт Тылын ылынан олордохпутуна, Кини курдук барытын бырастыы гынар кыахтанабыт.
Аҕа Таҥара ирдэбилин билэн, ону ис сүрэхтэн буолбакка, дьон эрэ көрөрүгэр толоруу – фарисейдыы быһыы. Ол туһунан Айыы Тойон Иисус эһиги кырдьыгы сокуонньуттар, фарисейдар эрэ курдук тутуһар буоллаххытына Халлааннааҕы Саарыстыбаҕа киириэххит суоҕа диэн этэн турар. Мин санаабар, Таҥараны сүрэххэ илдьэ сылдьыы диэн Кини Тылын, ирдэбилин тутуһан өйдүүн-сүрэхтиин ырааһырыы, тосту уларыйыы буолар.
Биһиги Аҕаҕа, Уолга уонна Сибэтиэй Тыыҥҥа туох баар аньыыбытын барытын бырастыы гынарын, таптыырын иһин муҥура суох махталбытын тиэрдэр тыллары өссө була иликпит, булбаппыт да буолуо. Ол гынан баран тылынан кыайан этиллибэти сүрэхпитинэн, олохпутунан этиэхпитин сөп.
Биһиги сирдээҕи быстах олохпут Таҥара биһиэхэ дьикти сыһыаныгар, биһигини бырастыы гыныытыгар хоруйдуур олох буолуохтаах дии саныыбын.
Муҥура суох күүстээх Айыы Тойоммут Иисус Христос барыбыт аньыытын-буруйун бырастыы гыныахтын.
Эйэни кытта,
Любовь, Намтан