Аҕабыыт кэлэн олохсуйуута

Авторы:


Кэс Тыл, Самое главное
Темы: , , , , , , , , , , .

Саҥа кэлбит үрдүк үөрэхтээх аҕабыыты ыыппат инниттэн, Кэнтиккэ таһааран, бары нэһилиэктэри кэрийэ сылдьан, саҥа төрөөбүт оҕолору сүрэхтээн, ыал буолбут дьону бэргэһэлээн, өлбүт дьону испииһэктэн таһааран суруйарыгар сорудахтаан, «кэриир аҕабыыта» диэн дуоһунас биэрэн Сэргэй (Лесин Сергей) аҕабыыты Сэймэлэккэ олохсуппуттар.

Саҥа аҕабыыт кэлбит сайыныгар, самыыр отой түспэккэ, сир-дойду куура хатан барбыт. Ойууттар кыыран, билгэһиттэр билгэлээн туһаларыттан тахсаллар. Биир эр бэрдэ баара: «Таҥараттан ыйаахтаах аҕабыыт буолуохтаах, киниттэн көрдөһөн көрүҥ», – диэн күлэр курдук саҥарар. Кырдьаҕас өттө: «Кырдьык да!» – дии түһэллэр, кэһии-туһах тутуурдаах тиийэн аҕабыыттан көрдөһөллөр, киһилэрэ кэлбит кэһиини үөрүүнэн ылар да, самыыр түһэрэр туһунан тугу да саҥарбат. Дьон-сэргэ Таҥара киһитин кыыһырдымаары, ыксаппакка, ээр-сэмээр кэтэһэллэр.

Кэмниэ-кэнэҕэс биир күн, Өртөөх диэн алаас ортотугар булгунньахтаах алааска, булгунньах саамай саалыгар мастан кириэс оҥорон, күн ортотугар туруоран бүтэрэллэригэр сорудахтыыр, Таҥараттан самыыры көрдөһөн көрөргө сөбүлэҥин этэр. Күн аҥаарыгар тиэрпэккэ туруора охсон, аҕабыыттарын ыҥыран, малыыппа аахтараллар. Лааданын буруолата сылдьан, үс төгүл кириэһи ыллыы-ыллыы эргийэр, арҕаа диэки хайыһан туран, дьону барытын бокулуоннатар. Бокуолуоннаан бүтэн баран көрбүттэрэ, бэргэһэ саҕа былыт быһаҕаһа быган тахсар. Онтон сүрдээх дохсун самыыр сэллээбэккэ үс куннээх-түүн түспүтүгэр, буор үрүттээх дьиэлэри барытын хотон, аны самыыры тохтотор туһунан сүбэ барар: «Түһэрбит самыыргын тохтот!» – диэн аҕабыыттарыгар баайсан туран кэлэллэр. Киһилэрэ: «Таҥара тугу биэрэрин Бэйэтэ билэр, дуорас төннөрүллүбэт», – диэн кыккыраччы аккаастаан кэбиһэр. Алта күн ааһыар диэри айдаана суох кэтэһэн көрөллөр да, самыыр сэллээбэт. Аҕабыыты: «Бар дьоҥҥун аһын-харыһый!» – диэн кырдьаҕас өттө эмиэ кэһиилээх тиийэн, үуйэ-хаайа туталлар. Тоҕус күн томточчу туолуута, кириэстээх томторго тиийэн, эмиэ күн ортото көрдөһөн көрөргө сөбүлэһэн, лааданын буруолатан, малыыппатын ааҕа-ааҕа үс төгүл эргийэр, ол кэнниттэн эмиэ арҕаа хайыһан бокулуоннаан бүтүүлэригэр арҕаа диэкинэн арыый сырдаабыкка дылы буолар, ол сиринэн сыыйа халлаан көстөн кэлэр, онон сыыйа дьайҕаран, халлаан халлан хаалар. Итинтэн сиэттэрэн аҕабыыт Таҥараттан ыйаахтаах киһи буоларын бары кырдьыктаммыттар, үҥэр-сүктэр буолан барбыттар. Ол эрэн Таҥара үөрэҕэ саҥардыы тарҕанан эрдэҕинэ өрөбөлүүссүйэ буолан, Кэнтик дьоно христианскай итэҕэли ылымматахтар.

 

БААҺЫНАЙ Баһылай суруйуута
«Кэнтик нэһилиэгэ» (Дьокуускай 2009) диэн кинигэттэн ылылынна