17…Үөһэттэн бэриллэр муударас, бастатан туран,
ыраас, ол кэннэ эйэ-дэмнээх, сэмэй, истигэн,
өрүүтүн амарах, өрүүтүн үтүөнү оҥорор, кырдьыгы
тутуһар, истиҥ-иһирэх буолар.
Сибэтиэй Иаков апостол илдьит суруга, 3-с түһ.
«Үтүө тыл – дьол» диэн сахаҕа бэргэн өс хоһооно баар. Оттон тылтан дьыала тахсан киһини, бар дьону үөрдүүтэ – бу дьиҥ чахчы алгыһы аҕалар, саргыны салайар кэскиллээх суол. Мин олохпор оннук биир саамай улахан көмөнү оҥорбут күндү киһинэн миэхэ Георгий Петрович Яковлев буолар.
Сунтаарга бастаан үлэлии киирбит сылыгар кинини элбэх омук тылын билэр киэҥ далааһыннаах киһи, оскуолатааҕы кэмиттэн мындыр өйдөөх, таһыччы оҕо этэ диэн кэпсииллэрэ. Ол саҕана мин манна дойдубар хайаан да Таҥара дьиэтин туттарар кичэмэл баҕа санаалааҕым. Онуоха Бүлүү кытылыгар бэрт табыгастаах сири, сыбаалка буолан турар Доценко атыыһыт дьиэтин оннун, бэлиэтии көрөн сылдьарым. Нэһилиэк урукку баһылыктарыгар итинник баҕа санаалаахпын диэн тыл кыбыттахпына, кинилэр: «Нина Прокопьевна, харчыҥ оннук элбэх буоллаҕына, ол кэриэтэ спорткомплекста туттар», – дэһэллэрэ. Онон дьаһалта баһылыгынан Георгий Петрович талыллан кэлбитигэр, мин хайаан да киниэхэ киирэ сылдьар бигэ санаабын ылыммытым.
Маҥнай киирэрбэр, эмиэ хомойуом диэн, хайдах эрэ сэрэхэдийэр этим. Ол иһин, төһө да үчүгэйдик көрүстэр, бастакы икки сырыыбар ити санаабын быктарбатаҕым, атыны кэпсэппитим. Үсүһүн көрсөн эрэ баран: «Георгий Петрович, миэхэ сир наада, Таҥара дьиэтин туттарыахпын баҕарабын», – диэн бэрт өр кэмҥэ биһиктээбит ыра санаабын аспытым. Арай киһим сырдыы түспүтэ, үөрбүтэ дьүһүнүттэн көстүбүтэ. «Олус кэскиллээҕи, наадалааҕы санаммыккын, итини тиһэҕэр тиэрт. Мин Иерусалимҥа сылдьан Таҥара дьиэтигэр халлаантан сибэтиэй уот түһэрин көрбүтүм, Таҥараны итэҕэйэбин», – диэбитэ.
Георгий Петровичтыын кэпсэтэн баран атаҕым сири билбэт буола үөрэн, ытамньыйыахпар диэри долгуйан тахсыбытым. Мэктиэтигэр, халлааным сырдаабыт, биэрэгим, тэйэн, мэндэйэ үрдээбит курдуга. Дьэ бу буоллаҕа Таҥара илгэлээх үтүөтэ дии санаабытым. Айыы Тойон тустаах кэмигэр итинник көмөнү ыыппытын өйдөөн кэллэрбин эрэ, миэхэ күүспэр күүс эбиллэр, ис-испиттэн махтана саныыбын.
Ити кэпсэтии кэнниттэн үс хонон баран миигин дьаһалтаҕа ыҥыран ыллылар. Атыыһыт аҕыс уончалаах кийиитэ Доценко-Скрипина Любовь Никаноровна баар, кини эйиэхэ ити дьиэ оннун биэрэрин туһунан бэлэхтээһин сурук суруйуохтаах диэтилэр. Оттон Любовь Никаноровна Таҥара дьиэтин тутар эрэ буоллахтарына сөбүлэнэбин диир эбит. Онон үөрүөм иһин, санаа холбоһон, сүбэ түмүллэн, барыта ити курдук саас-сааһынан табыллан испитэ.
Учаастагы ыраастыырга Георгий Петрович омук биригээдэтин биэрбитэ. Сыбаалканы балтараа сыл хомуйбуппут. Сиҥнэн түһэн хаалбыт суолу оҥорорго эмиэ Георгий Петрович уонна дьаһалта экономикаҕа отделын специалиһа Алена Афанасьевна Федорова көмөлөспүттэрэ.
Дьэ онтон 2003 сыл балаҕан ыйын 7 күнүгэр, Сибэтиэй Боҕуруодьуссаны Храмҥа Киллэрии чиэһигэр, Дьокуускай уонна Ленскэй архиепископтара Герман саҥа тутуллан бүппүт Введенскэй Таҥаратын дьиэтин сибэтии гыммыта. Атын сиргэ үлэлии сылдьар Георгий Петрович тугу барытын быраҕан туран биһиэхэ кэлэн, Быладыыка Германы көрсөн, икки хонукка толору хаалан үөрүүбүтүн үллэстибитэ.
Барарыгар миэхэ: «Нина Прокофьевна, манна аҕабыыт кэлэр түгэнигэр миигин хайаан да ыҥыраарыҥ. Мин Сунтаарга эрэ сүрэхтэниэхтээхпин», – диэбитэ. Онон биһиэхэ аҕабыытынан Павел Слепцов ананан кэлбитигэр, Георгий Петрович, дойдутугар тахсан, Кыайыылаах Георгий (Победоносец) аатынан сүрэхтэммитэ. Ити 2008 сыллаахха бэйэтин төрөөбүт күнүгэр этэ. Эһиилигэр эмиэ ол эргин өлбүтэ.
Итинник ыраас, көнө дьону, бу дойду кирин-хоҕун тулуйбаттарын иһин, Айыы Таҥара эрдэ быыһаан ылар быһыылаах. Георгий Петрович сырдык дууһатын туһугар биһиги дьоммут өрүү ситимин быспакка үҥэллэр. Кини, Таҥара биһиэхэ ыыппыт киһитэ, бу уустук, булкуурдаах кэмҥэ кэлэн, бары духуобунай да, экономическай да ыарахаттары сүгэн биһигини улаханнык сайыннаран барда. Маннык үтүө киһини кытта кыра да кэмҥэ алтыспытым миэхэ баайым буолар, мин онтон күүс-уох ылабын, ону санаатахпына, үөрэбин.
Нина ГЕРАСИМОВА,
Сунтаар