Давидтыын сэһэргэһиэхпин баҕардым

Авторы:


Кэс Тыл, Самое главное
Темы: , , , , , .
Быйыл кыһын тохсунньу сүүрбэ күнүгэр Москваҕа эмтэнэ тиийээт, мин быһа үлэбэр, Библия тылбааһын Институтугар, барарга санаммытым. Киирбиппэр дьонум, үөрэн, тула үмүөрүспүттэрэ, саҥа тахсыбыт Саалтыыр кинигэтин аҕалан, миэхэ туттаран кэбиспиттэрэ. Бу уһун дьаныардаах үлэбит түмүгүн кууһан туран, мин ытык доҕорбун Дмитрий Кононовиһы өйдөөн кэлбитим. Биэс сыллааҕыта манна балыыһаҕа сыттаҕына, субу күн сирин көрбүт Саҥа Кэс Тылы илдьэн биэрбиппэр кини сүр сэниэлээхтик оронугар олоро түһээт: «Дьол! Дьол! Дьол!» – диэбитэ. Мин санаабар, бу иккиэн бииргэ тылбаастаабыт күндү кинигэбитин көрбүтэ эбитэ буоллар, кини үөрүүтэ муҥура суох буолуо этэ.

 

Саҥа Кэс Тылга үлэлээн бүтэн баран Суорун Омоллоон, бэйэтэ эппитинии, «боччумнаах дьарыга суох» Москва Бэс Чагдатыгар олох тэһийбэт буолбута. Бэл Толору Хомуурунньугун үлэтэ кинини ситэри дуоһуппат курдуга. Ол иһин мин биирдэ: «Дмитрий Кононович, дойдугун ахтарыҥ буолуо, Сахаҕыт сиригэр барыаххытын баҕарбаккыт дуо?» – диэн ыйыппытым. Онуоха кини төбөтүн  быһа илгистэн баран: «Суох, быйыл биһиги манна сымнаҕас кыһыннаах сиргэ кыстаабыпыт ордук буолуо, диэбитэ. Тоойуом, уонна эн кинигэҕин бэчээккэ туттара иликкинэ, хайдах эйигин быраҕа баран хаалыахпытый? Суолуҥ доҕордооҕо, айаныҥ аргыстааҕа ордук».

Ол саҕана, 2004 с. Саҥа Кэс Тылы бэчээккэ бэлэмниир кэммэр, мин кинилэргэ олорбутум. Үлэбэр Москваҕа күн аайы кэриэтэ барарым. Киэһэ Бэс Чагдаҕа кэлэн автобустан түһэрбэр,  арыт тохтобулга Дмитрий Кононович кэтэһэн турар буолара. Оттон дьиэбитигэр тиийдэхпитинэ, холоонноох доҕоро Надежда Семеновна күлэ-үөрэ көрсөрө, күөһүн хоторбутунан барара.  Хаһан эмэ өрөөтөхпүнэ, Толору Хомуурунньукпут үлэтин сүбэлэһэн-быһаарсан тахсарбыт, онно киириэхтээх матырыйаалы бэрийэрбит.

Биирдэ муус устар ый бүтүүтэ Дмитрий Кононович миэхэ: «Дьэ, тоойуом, мин бу олох иллэҥ сылдьабын, тугу эрэ үлэлиэхпин наада, онон, кытаат, сүбэлээ. Сотору уһун уоппускабар барыам турдаҕа, туһалаан хаалбыт киһи дии саныыбын», –  диэбитэ. Мин араас суолу ырыҥалаан көрөн баран, бэйэҥ олоҕуҥ туһунан суруйарыҥ буоллар диэбитим да, ону аахайбатаҕа, этиллиэх барыта этиллэн бүппүтэ диэн кэбиспитэ.

Ол саҕана мин быыс буллум да, Саалтыыры тылбаастыы сылдьар кэмим этэ, онон институппар былыргы еврей тылыгар үөрэнэрим. Арыт Дмитрий Кононович миигиттэн: «Тоойуом, сахалыы псаломна аах эрэ», диэн көрдөһөрө. Ордук 138-с псалому сөбүлээн истэрэ. Барыта тылбаастанан бүттэҕинэ, диискэ таһаартарыам диирэ. Саалтыыр киниэхэ оннук күндү кинигэ этэ. Олох кыра оҕо сырыттаҕына таайа, Атаҕа суох Миисэ, сахалыы Саалтыыры добдугураччы ааҕара үһү. Ол иһин дьон-сэргэ аҥаар атахтаах, нэһилиэккэ биллэр уус киһини үксүн «Саалтыырдьыт Миисэ» диэн ааттыыллар эбит.

Эрдэтээҕи оҕо сааһыттан кини өссө манныгы  кэпсиирэ: биирдэ дьоно ханнык эрэ бырааһынньыкка Чөркөөх Таҥаратын дьиэтигэр сулууспаҕа кэлбиттэр. Үстээх Миичэкэни таптыыр күтүөтэ Дабыыт көтөҕөн турбут. Эмискэ түгэх хостон уһун  таҥастаах, түөһүгэр кириэстээх, хойуу сулардыы бытыктаах сүүнэ киһи тахсан кэлбит.  Ону соһуйа көрбүт оҕо: «Дабыыт, Таҥара ити таҕыста дуу?» – диэн ыйытан чаҕаарыйбытын күтүөтэ кэлин өрүү ахтара эбитэ үһү.

Кэлин арыый улаатан баран Миичэкэ Ороһуоспа күн оҕолору кытта ыалларынан «сылаабалаһа» (Таҥараҕа айхал ыллыы) барсар буолбута үһү.

Биир күн үлэбиттэн кэлэн баран мин Дмитрий Кононовичтан: «Миигин кытта бииргэ псаломнары тылбаастыырга сөбүлэһиэҥ дуо? Иккиэн үлэлээтэрбит, түргэтиэ этибит», – диэбитим. Онуоха кини үөрэн сырдыы түспүтэ, тута сөбүлэспитэ. Онон үһүөн Москваҕа Институппутугар баран дириэктэрбитин кытта дуогабар түһэрсибиппит. Ол күнтэн ыла Дмитрий Кононович, сүргэтэ көтөҕүллэн, олох атын киһи буолбута. Сарсыарда чэйдээн бүттэ да, суруйар остуолугар олорон Саалтыыр кинигэтин аахпытынан барара, нууччалыы хас да тылбааһы тэҥнээн көрөрө. Быыһыгар чугаһынааҕы ойуурга баран дьаарбайан кэлэрэ, элбэҕи толкуйдуу, аттара сылдьара дьүһүнүттэн көстөрө.

Биһиги институппут өссө хас да сыллааҕыта архиепископ Германныын сүбэлэһэн баран, Саалтыыр тылбааһын гректии тиэкистэн буолбакка, былыргы еврей тылынан суруллубут дьиҥ рукопиһын тутуһан оҥорорго быһаарыммыта. Онон бу тылбаас хоһоон форматынан барыахтааҕа. Биллэрин курдук, Саалтыыр – үс тыһыынча сыл анараа өттүгэр Таҥараҕа анаан (үҥэн, көрдөһөн, айхаллаан суруллубут ырыалар, эбэтэр, атыннык эттэххэ, гимн хомуурунньуга. Биһиги авторскай тылбааһы оҥорорго соруммат буоламмыт, ырыа-хоһоон кээмэйин тутуһа, тыл сүһүөхтэрин тэҥнии сатаабатахпыт (былыргы еврейдии псаломнарга рифмалааһын диэн суоҕа даҕаны), туохтааҕар да псалом ис хоһоонун толору биэрэргэ дьулуспуппут. Ол эрээри, бу үрдүк лирика баай аллитерациятын, параллелизмын, ис ритмикатын төһө кыах баарынан биэрэ сатаабыппыт.

Псалом испииһэгин илдьэ сылдьаммыт, тылбаас харатын оҥордубут да, нүөмэрин кыһыл чэрэниилэнэн төгүрүтэн кэбиһэрбит, оччоҕо, үлэбит көҕүрээн, үөрүү бөҕө буоларбыт. Тылы ырытан, төрдүттэн хасыһан, итийэн-кутуйан тугу барытын умнан туран үлэлиирбит. Биирдэ Дмитрий Кононович, «хесед» (Таҥара бигэ таптала) диэн еврей тыла дириҥ суолталааҕын сөҕө олорон: «Бу дойдуга бигэ туох да суох, арай Таҥара таптала эрэ бигэ», диэбитин өйдөөн хаалбыппын.

Төһө да псалом ис хоһоонун таба биэрэ сатаан, ардыгар тыл булбакка эрэйдэннэрбит, кини көмүс-алтан үлэтин үлэлии сылдьабыт диэн олус үөрэр этэ. Онтон дэбигис өйдөммөт этиини көрүстэҕинэ: «Чэ эрэ, сибэтиэй аҕалары көрүөххэ, туох диэн быһааралларый?» диирэ. Оччоҕо Иоанн Златоуст, Феодорит Кирскэй, Василий Великэй, Евфимий Зигабен, Афанасий Великэй уо.д.а. сибэтиэйдэр суруйууларын хасыһарбыт, гебраистар, экзегеттэр быһаарыыларын ааҕарбыт. Институппут, баай библиотекалаах буолан, биһигини кинигэнэн хаһан баҕарар толору хааччыйара. Онуоха эбии манна тэрилтэбит тиэргэнигэр, Андреевскай манастыырга, Синодальнай библиотека баара эмиэ  абыраллааҕа.

Саалтыыр былыргы сахалыы тылбааһа эмиэ өрүү  остуолбутугар сытара. Дмитрий Кононович ону арыйан: «Ээ, барахсаттар!» – дии-дии ааҕа олороро харахпар бу баар курдук. Тыл ыркый ойуурун солоон киэҥ суолу оҥорон таһаарбыт бастакы тылбаасчыттары, нуучча ньургун дьонун, кини куруук махталлаах үтүө тылынан ахтара.

Бэс ыйыгар Дмитрий Кононович балкоҥҥа, ойуур ыраас салгыныгар, тахсан үлэлиир буолбута. Онно бэйэтигэр сөрү-сөп кыракый остуоллааҕа. Хараҕа күн уотун тулуйбатын иһин, балкон үрдүнэн быа ыыттаран таҥас сабыы ыйаппыта. Ханна да суох үчүгэй офистаахпын дии-дии күлэрэ. Саалтыыр тылбааһыгар улахан суолтаны биэрэр буолан, кини дириҥник бэринэн үлэлиирэ, кэлин биир рукопиһын кэннигэр суруйбутунуу, бу киниэхэ «кубалыы тиһэх ырыата» этэ.

Урут аһылык кэмигэр төһө баҕарар уһуннук күлэ-үөрэ, кэпсэтэ олорон хааларбыт. Оттон бу үлэтин саҕалыаҕыттан Дмитрий Кононович аны оннук наҕылыйбат буолбута: сып-сап аһаата да, былыргы үгэһинэн хончоҕорун бүлүүһэтигэр умса ууран баран: «Чэ, эһиги ыксаамаҥ,  чэйдээҥ. Мин барыым, аны Давидтыын сэһэргэһиэхпин баҕардым», диэт, балконугар тахсан барара.

Псаломнары ааҕа олорон кини уһун олоҕун усталаах-туоратын сыыйан, барытын иҥэн-тоҥон көрөр эбит этэ. Биирдэ балконуттан олус долгуйбут дьүһүннээх киирэн кэлэн: «Дьэ, Саргылаана, мин Таҥара дьиэтигэр революционердар музейдарын олохтоон улахан аньыыны оҥорбуппун. Урут оннук санаабат этим, бу сибилигин эрэ өйдөөтүм. Быладыыка барахсан тугу да саҥарбат этэ, хаһан өйдөнөрбүн кэтэһээхтиир эбит».

Онон Дмитрий Кононович архиепископ Гермаҥҥа сурук суруйбута. Чөркөөхтөөҕү Николаевскай Таҥаратын дьиэтин музей матырыйаалларыттан босхолоон Таҥараҕа төнүннэрэрин туһунан. Суругун бэлэмнээн баран, Быладыыка Москваҕа кэлбитин истэн, кинини Бэс Чагдатааҕы дьиэтигэр ыалдьыттата ыҥырбыта. Надежда Семеновналыын сүбэлэһэннэр, санаторий салалтатын кытта кэпсэтэн эбиэт бэлэмнэппиттэрэ. Уруккуттан доҕордуу дьон болдьохтоох күннэригэр, уоллуу-аҕалыы  курдук, сүрдээх истиҥник көрсөн, хас да чаас устата бэрт элбэҕи кэпсэппиттэрэ.

От ыйыгар Дмитрий Кононович, тылбааһын харатын бүтэрэн баран, дойдутугар төннүбүтэ. Хомойуох иһин, кини бу үлэтигэр эргиллибэтэҕэ: атын араас түбүгэ, Толору Хомуурунньугун дьыалата-куолута, онтон аны кыһын хараҕын эпэрээссийэтэ мэһэйдээбиттэрэ. Ол эрээри Саалтыыр үлэтин тиһэҕэр диэри өрүү ыйыталаһар, тылбаас табылларын туһугар Таҥараҕа үҥэр этэ. Тиэкиспитин, биһиги бүтэрдэхпитинэ, Саҥа Кэс Тылга бииргэ үлэлээбит консультаммыт, дириҥник ытыктыыр киһибит д-р Дэвид Джон Кларк бэрэбиэркэлиир буолбутун истэн, кини оҕолуу үөрбүтэ, Таҥараҕа махтаммыта.

25_2010_9_2

Суорун Омоллоон өлбүтүн кэннэ, бу үлэ Дьокуускай уонна Ленскэй епископтара Зосима алҕааһынынан салҕанан барбыта. 2007 с. ыам ыйыгар мин, дириэктэрим көҕүлээн уонна Дэвид Кларк ыҥыран, тиэкиспитин илдьэ Англияҕа барбытым. Олоҕун барытын Библия тылбааһыгар анаабыт биллиилээх учуонай, талааннаах суруйааччы, Королевскай Библейскэй Хамыыһыйа бочуоттаах чилиэнэ Дэвид Кларк кэргэниниин Глэнистиин Лондонтан чугас Уисли диэн дэриэбинэҕэ олороллоро.

Дэвид Холбоһуктаах Библейскэй Уопсастыбаҕа консультанныы сылдьан биэнсийэҕэ саҥа тахсыбыт кэмэ этэ. Кини сахалыы псаломнары былыргы еврейдии тиэкиһи кытта тэҥниирэ, барыта уон биэс омук тылын билэр буолан, хаһан баҕарар аан дойду бастыҥ тылбаастарын, ол иһигэр туох ханнык иннинэ, былыргы греческэй, церковнославянскай тиэкистэри хасыһан көрөрө. Биһиги биир ый үлэлээбиппит.

Кинилэр миигин хаста да чугас баар Бруквуд манастыырыгар, король Эдвард сибэтиэй кырамтата хараллан сытар православнай Таҥаратын дьиэтигэр илдьэ сылдьыбыттара. Онно биһигини олус эйэҕэстик көрсүбүттэрэ, миэхэ хас да кинигэни, иконаны кытары английскайдыы тылбаастаммыт Оптина сибэтиэйдэрин мэлииппэлэрин бэлэхтээбиттэрэ. Сулууспа английскай тылынан барара эрээри, быыһыгар былыргы славянныы эмиэ үҥэллэрэ. Россияттан ааспыт үйэлэргэ кэлбит дьон сиэннэрэ бааллара, олор төрүттэрин тылларын умнубатахтарын сөхпүтүм.

Онтон үлэбитин түмүктүүрбүт саҕана Лондоҥҥа баран, Британия  Национальнай Библиотекатыгар Библия былыргы рукопистарын уонна кинигэлэрин аан дойдутааҕы быыстапкаларыгар сылдьыбыппыт. Аатырбыт Александрийскай, Синайскай кодекстары, Кумрантан көстүбүт тиэкистэри, биһиги эрабыт 3-4 үйэтинээҕи кинигэлэри, Библия былыргы тылбаастарын көрөр олус кэрэхсэбиллээх этэ. Ол эрэн туохтааҕар да миигин Саалтыыр хас да тыһыынча сыллааҕы, биһиги эрабыт иннинээҕи, рукопистара сөхтөрбүттэрэ. Киһини бу бүгүн суруллубуттуу долгутар псаломнар түҥ былыргы түрбэлэрин көрө тураммын, мин хайдах эрэ ис-испиттэн уһуктан, өрө көтөҕүллэн кэлбитим. Үллэр үйэлэр Ыраахтааҕылара, Айыы Таҥара, Бэйэтин өлбөт-сүппэт тылын сахалыы эмиэ саҥардыбытын иһин, Киниэхэ хайдах да махтаныахпын билбэтэҕим.

Дойдубар сылтан ордук үлэлээн баран, тиэкиспитин аны тылбааспыт филологическай редакторыгар, саха народнай поэтыгар С.Т. Руфовка  көрдөрө биэрбитим. Суорун Омоллоон тиһэх хоһоонун анаабыт таптыыр доҕоро, оҕо эрдэхпиттэн сөҕө-махтайа ааҕар поэтым Семен Титович уонна кини кэргэнэ Мария Спиридоновна Арбыкина миигин истиҥник, сылаастык көрсүбүттэрэ. Кыра оҕо эрдэхпинэ аҕам миэхэ Семен Руфов тылбаастаабыт Шота Руставели «Тиигир таҥастаах бухатыыр» диэн поэматын кэһии гынан аҕалбытын бу баардыы өйдүүбүн. Мин ону, тылбаас да дии санаабакка, тартаран туран аахпытым. Оттон көрдөөх-нардаах хоһооннорун кыра сылдьан нойосуус этэммин, булчут абаҕаларбын күллэртиирим. Кэлин улаатан баран кини айымньыларын, тылбаастарын булан умсугуйан ааҕар буолбутум. Онон оҕо эрдэхпиттэн ытыктыыр суруйааччыбын көрсүбүтүм, өссө бииргэ үлэлиир буолбутум миэхэ олус үөрүүлээх суол этэ.

Нуучча уонна омук улуу классиктарын сахалыы имигэстик саҥардыбыт талааннаах поэт: «Тылбаастыыр саҕа ыарахан туох да суох», – диэн  эппитин мин ис сүрэхпиттэн итэҕэйбитим. Биһиги тыл аҥаарыттан өйдөһөн үлэлээбиппит. Семен Титович, уус-уран тыл маастара, Саалтыыр сахалыы тиэкиһин иҥэн-тоҥон ааҕара гынан баран, Таҥара тыла диэн, олус харыстабыллаахтык, сэрэхтээхтик көннөрөрө. Кини хас ыйыыта-кэрдиитэ, сүбэтэ-амата кыһыл көмүскэ тэҥнээҕэ.

Москваҕа епископ Зосима үтүө алгыһынан эмтэнэ кэлбит күммэр институтум үлэһиттэрэ Саалтыыры Саха сиригэр ыыппыттара. Онон мин бу үгүс киһи Таҥараҕа үҥүүтүнэн күн сирин көрбүт, кинилэр сырдык алгыстарын иҥэриммит күндү кинигэбитигэр алгыстаах айаны баҕара хаалбытым. Сибэтиитэл Алексий балыыһатыгар сытаммын, псаломнары аны тылбаасчыт хараҕынан көрбөккө,  аан бастаан ааҕардыы, утаппыт киһи ыраас ууну иҥсэлээхтик уймахтыырын курдук, тартаран туран аахпытым. Маҥнай утаа институт аадырыһын ыйар этииттэн биир буукуба алҕас түһэн хаалбытын (Интернетынан сибээспит быстыбытыгар, тиһэх түгэҥҥэ телефонунан ылбыттара) көрөн хомойбутум эрээри, кэлин ол санаам дьайҕарбыта. Саалтыыр тахсарын туһугар күүстэрин түмэн, бастарын холбоон үлэлээбит нуучча үтүө дьоно бу кинигэҕэ ахтыллыбатахтара эрээри, кинилэр хайдах курдук кыһаллан-мүһэллэн сыраласпыттарын Таҥара Бэйэтэ көрдөҕө. Оттон институппут директорын туһунан Дмитрий Кононович олоҕун тиһэх күнүгэр: «Сахалыы Библия тахсарыгар барыбытынааҕар үгүс үтүөнү оҥорбут Марианна Беерле-Моор буолар», –  диэн эппитэ мээнэҕэ буолбатах.

Онон барҕа махтал буоллун сахалыы Саалтыыр тахсарыгар бары өттүнэн көмөлөспүт,  ол туһугар үлэлээбит, Таҥараҕа үҥпүт Кини итэҕэллээх оҕолоругар, сырдык ыралаах сахам дьонугар! Эһиги Таҥара иннигэр истиҥ-иһирэх алгыскыт сүүс оччонон күүһүрэн бэйэҕитигэр эргийдин. Уон тохсус псаломҥа этиллэринии, «сүрэххит сөбүлүүрүн Таҥара эһиэхэ биэриэхтин, бары баҕа санааҕытын барытын толоруохтун».

 

Саргылаана (Саломия) ЛЕОНТЬЕВА

2 комментария

  1. Ийэм Саргылаана суруйбутун сэргээн аахтым. Ити киниэхэ олус ыарахан кэм этэ. Саалтыыры тылбаастыыр киһи элбэхтик тургутуллар быһыылаах. Оччоҕо Давид кыһалҕатын ордук өйдүүр, тылбааһа табыллар дии саныыбын. Суорун Омоллоон уонна Надежда Семеновна мин ийэбин олус өйүүллэрэ, дьиҥнээх доҕордуу этилэр. Семен Руфов эмиэ наһаа үтүө киһи этэ. Таҥараҕа махтал барытыгар!

  2. Махтал! Санааҕытын үллэстибиккитигэр махтал!

Комментарии не допускаются.