Өбүгэм өтөҕүттэн сурук

Авторы:


Кэс Тыл, Самое главное
Темы: , , , , , .
Лиза Васильева сааһа уон биэһэ. Кини ийэтин, аҕатын уонна быраатын Эрчим-Маркы кытта Бүлүү улууһун Лөкөчөөн диэн нэһилиэгэр олорор. Лиза Леонтьев А.И. аатынан орто оскуола 8-с кылааһын туйгун үөрэнээччитэ.  Быйыл күһүн “Кэскил” хаһыат уонна Главпочтамт Саха сирин оҕолорун ортолоругар ыыппыт куонкурустарыгар кыттан, бастакы миэстэни ылбыта. Бу дьиэ кэргэн сылыгар анаммыт куоталаһыы этэ. Ким дьиэ кэргэнигэр саамай кэрэхсэбиллээх суругу суруйар эбит диэн. Бүгүн биһиги кини дьонугар суруйбут суругун, бэйэтиттэн көҥүллэтэн, эһиги болҕомтоҕутугар таһаарабыт. Лиза кэлин тиэкиһин өссө чочуйан биэрбит, онон „Кэскил“ хаһыакка бэчээттэммититтэн кыра уратылаах. 

 

Күндү ийэм, аҕам, эбэтикээм уонна сурдьум Эрчим, миигиттэн истиҥ дорообото тутуҥ.

Бу омурҕан кэмигэр суруйан эрэбин. Таайым миигин манна аҕалаат төнүннэ. Икки күн “Эбэҕэ” от охсор үһү. Сарсын кэлэ сылдьыа, онон сурукпун ыытыам.

Халлаан ардаабатаҕына, өйүүҥҥэ диэри бу өтөх мунньуута бүтүөхтээх, оччоҕо бугуллуохтаахпын. Чорооҕум элбэх.

Манна атынан кэлбиппит, мин мэҥэстибитим. Мээйикпит “Кута” бадарааныгар биир сиргэ охтон ылбыта. Дьикти баҕайы, батыччахтаан иһэн аа-дьуо ойоҕоһунан сытынан кэбиспитэ. Онон туохпутун да өлөрбөтүбүт.

Кэлэн иһэн көрдөхпүтүнэ “Ойоҕоско” аһаҕас сиргэ моонньоҕон үүммүт эбит, харааран эрэр. Ийээ, били эн эбэҕин кытары моонньоҕоннуур сиргэр. Онон ким да итигэстээн ылбатаҕына атырдьах ыйын ортотун эргин хомуйууһубут.

Өтөхпүт биһигини сибэккинэн көрүстэ. Тимэх от хаһааҥҥытааҕар да хойуутук үүммүт. Ыҥырыа саҥата лоҥкунаан олорор. Лыах элбэҕин сөхтүм. Били уу баһар суол кытыытыгар турар иҥнэри хатыҥмыт сууллубатах эбит, күп-күөх, хоп-хойуу сэбирдэхтээх, мин үрдүгэр ытта сырыттым. Урут эһэм эмиэ бу хатыҥы миинэ оонньуура үһү. Уу чуумпу. Туох да техника тыаһа, айдаан-куйдаан суох, онон илэ өйбүнэн сылдьабын. Үчүгэй даҕаны биһиги маннык өтөхтөөхпүт! Чуумпуга киһи өйө-санаата түмүллэр, сааһыланар эбит.

Өтөх ото, бүтэй сиргэ сытар буолан, олох сараҕыйбат. Кытыылыы түһэн баран эргиттим. Кыраабылым чобойо хамсыыр буолбут, ол иһин эргэ тыыттан куобах туһаҕын булан ыга эрийэн биэрдим. Инчэҕэй хойуу оту, урут эһэм үөрэппитин курдук, бүтэй сиэрдийэлэригэр араҥастыы уурталаатым. Халлааммыт билиҥҥитэ ардыах чинчитэ биллибэт.

Саша барбытыгар маҥнай хайдах эрэ тэһийиэ суох курдук буолбутум, эргэ хотону, киһи уҥуохтарын көрө-көрө ытырыктата санаабытым. Ол гынан баран манна барыта бэйэбит өбүгэлэрбит сыталлар, онон миигин, сиэммит өтөхпүтүн иччилии сылдьар диэн, алгыыллара эрэ буолуо дии санааммын, тута уоскуйбутум. Уонна сырдыга да бэрт. “Илин күөл” сайылыгар оҕус айаатыыра, оҕолор ньамалаһаллара иһиллэр, онон соҕотохсуйбаппын.

Эһэм уонна эдьиийим Дуунньа сүрэхтэммит туос иһиттэрин көрдүм. Хос эбэм чабычахтары икки тус-туспа тииккэ ыйаабыт, онтукалара киһи хантайан көрөр буолбут. Эһэм чабычаҕа сэттэ уон түөрт сыллааҕыта ыйаммыт үһү, Дуунньа киэнэ алта уон аҕыс сыллааҕыта. Эһэм инньэ диир этэ. Кини манна, бу тииттэр анныларыгар, хаста да хаартыскаҕа түспүтэ. Ол курдук сүрэхтэммитин күндүтүк саныыра.

Омурҕан иннигэр киһи уҥуохтаах томторго тахса сырыттым. Ыҥаачыкпыт уҥуоҕар дөлүһүөн бөҕө үүммүт, сыта дыргыйан үчүгэй баҕайы. Урут сэттэ саастаах сылдьаммын, Ыҥаачыкпытын санаан, кини биһиэхэ саамай улахан баайбыт эбит диирбин өйдүүбүн. Кини баара буоллар дьоллоох да буолуох эбиппит. Оттон бүгүн мин өссө биир суолу өйдөөтүм: биһиги бу сиргэ туохха да бэриллибэт күндү баайбыт — дьиэ кэргэммит. Бэйэ-бэйэбитин өрүү маннык күндүргэтиһэ, харыстаһа сылдьыахтаах эбиппит, оччоҕо эрэ биһиги бу олорор олохпут бары моһоллорун этэҥҥэ туоруур кыахтаныахпыт.

Эһэм уҥуоҕар туран, кини икки сыллааҕыта манна от сүгэ сылдьарын санааммын ытаатым. Кини аата мин үөрэнэр оскуолабар иҥэриллибитэ наһаа да үчүгэй. Эһэтикээм барахсан элбэххэ да биһигини уһуйбут эбит! Мин киниэхэ ис сүрэхпиттэн махтанабын.

Эһэм ийэтин, таайдарын, эбэтин, эһэтин уҥуохтара бары үчүгэйдик тураллар. Барыларыгар сибэкки үргээн аҕалан уурдум.

Бааһына иһигэр туруорбах балаҕаны, эһэм төрөөбүт дьиэтин, аһаҕас түннүгүнэн өҥөйөн көрдүм. Көмүлүөк оһох кэннигэр эргэ туулар кыстана сыталлар, мончууктар көстөллөр. Былыргы хара сундуук үрдүгэр үүт эрийэр сэппэрээтэр турар эбит. Булка кэтиллэр саҥыйахтар ыйанан тураллар. Бу балаҕан эмэҕирэн сууллубута ырааппыт буолуох эбит, ону, эһэм Сашалыын тирээбиллээннэр, тулуктаспыт.

Лиза Васильева

Фото Леонида Шеметова

Чэйбин өрүнээри оргуһуоҕунан уу бастым. Күөлгэ ийэ кус оҕолорун батыһыннарбытынан уста сылдьарын көрдүм. Миигиттэн олох куттаммат. “Соҕуруу күөл” диэки кус саҥата бөҕө.

Таһырдьа тимир оһоххо чэй өрүннүм. Үүппүн ылаары хос эбэм туруорбах балаҕаныгар киирэ сырыттым. Дьиэ илин эркинигэр били былыргы Таҥара күлүгэ баар эбит. Хос эбэм таастаабытынан турар. Харааран хаалбыт, ол гынан баран, Айыы Тойон Иисус Христос сирэйин омооно сырдаан көстөр. Эһиги оҕо сылдьан Кини иннигэр туран үҥтэххитинэ эбэҕит үөрэр үһү дии. Мин эмиэ кириэстэнэн, үлэбэр алгыс көрдөһөн баран, үүппүн ылан таҕыстым. Хайдах эрэ ис-испиттэн чэпчээн хааллым.

Арба, итиннэ оһох кэннигэр отой былыргы саха хотуура сытар эбит. Сиэрпэни санатар. Хайдах итинэн от охсоллоро буолла, киһи дэҥнэниэх курдук.

Киэһэнэн кумаар элбиирэ буолуо, онон дьиэм ааныгар чугуун иһиккэ түптэлиэҕим.

Ийээ, өтөх тулатыгар охтубут хатыҥ элбэх, онон быыспар хоҥхолойдуу сатыаҕым. Оһох кэннигэр кыстыаҕым.

Таһаараа балаҕан тиэргэнигэр турар туой оһоҕу көрөммүн, хос эбэм туһунан хоһоон суруйдум. Кини ити оһоххо алаадьылыы олорон эйигин күүтэрин туһунан. Мин бэйэм эбэтикээбин эмиэ ахтыбыт курдукпун. Эбэм манна кэлэрбэр миэхэ хас да бытыылка муорус кутан биэрбитэ, онтум бүтэ илик. Кумааҕым тиийбэккэ, хоһооммун туоска суруйдум (эһэм тууйас оҥороругар хаһааммыт туоһуттан ыллым).

 

Эбэм күүтэр

Ыра санаа суолун тэлэн,
Ыраах сиринэн тэлэһийэн,
Арыт умнан, сүрэҕэлдьээн,
Арыт туох эрэ мэһэйдээн,
Эбэбин мин күүттэрэбин.

Хоп-хойуу кырыстаах тиэргэҥҥэ
Туой оһох угуттуу илгийэр.
Туой миигин кэтэһэн, эрэнэн,
Эбэм тиэргэҥҥэ таҥас сирийэр.

Элэйэн, аччыктаан кэлиэ диэн,
Эбэкэм лэппиэскэ буһарар.
Оҕом бу манан истэҕэ диэн,
Ойууру, ыллыгы, манаһар.

Эдэр саас күүрээннээх кэмигэр,
Үөрэх күүстээх үлүскэнигэр,
Арыт умнан, сүрэҕэлдьээн,
Арыт туох эрэ мэһэйдээн,
Эбэбин мин күүттэрэбин…

 

Чэ, өссө да чочуйар инибин.

Мин өтөҕү олус сөбүлээтим. Дууһабын дуоһутар умсулҕаннаах чуумпутун, эмтээх, минньигэс салгынын, арыы-сыа иҥмит айылҕатын. Санаабар, сайылыкпыт Эмис барахсан сып-сылааһынан сайа тыынан, өбүгэлэрбит амарах алгыстарынан илгийэ турар курдук. Бу өтөххө кэлэн, мин киммин-туохпун, ханнык-туох төрүттээхпин ордук дьэҥкэтик өйдөөтүм, өйдүүн-санаалыын чэбдигирдим, күүспэр күүс эбинним. Эһэм, ыалдьа сытан, өтөххүтүн куруук көрө-истэ, харыстыы сылдьаарыҥ, куруук кэлэ-бара тураарыҥ диэбитэ. Биһигини бука барыбытын, төһө да араас сиринэн тарҕанан олордорбут, бу күндү өтөхпүт ситимниир эбит.

Манан суруйан бүтэбин. Эрчим, дьоҥҥор, эбэҕэр көмөлөс, киниэхэ күн аайы бара сырыт, билсэ тур. Оппуонньуккалаах Чаачыгы аҕаллахтарына мин хоспун ыстарыма.

Барыгытын сыллыыбын. Этэҥҥэ буолуҥ.

Кыыскыт Лиза.

Атырдьах ыйын 5 күнэ. Эмис өтөҕө.